МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Кулун тутар 3 күнүгэр, улуус оскуолаларын орто сүһүөх кылаас оҕолоругар “ТОБУЛ-2023” литературнай оонньууну төрдүс төгүлүн Үөһээ Бүлүү оҕо библиотеката тэрийэн ыытта.

Күрэх сыала-соруга:

– оҕону толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы,

– тылын-өһүн байытыы,

– саха литературатыгар, төрүт культураҕа сыһыаран иитии буолар.

Быйылгы күрэххэ хамаанадалар буоларын курдук түөрт тургутууну аастылар:

1 түһүмэх – “Тылдьыт”, 2 түһүмэх – “Саха литературата”, 3 түһүмэх – “Фольклор”, 4 түһүмэх – “Тылбаас” күрэҕэ.

Хас тургутуу аайы хамаандалар харса суох эппиэттэһэн истилэр. Төрдүс түһүмэххэ оҕолор олус бэккэ кытыннылар, ыарырҕаталлара буолуо дии санаабыппыт, онтубут 15 мүнүүтэ иһигэр хоһооннору нууччалыыттан сахалыы тылбаастаан барыбытын соһуттулар, үөртүлэр.

Күрэх түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ кыайыылааҕы быhаарда:

“ТОБУЛ-2023” литературнай күрэх 1 үрдэлгэ Д.С.Спиридонов аат.Үөһээ Бүлүү 4-с №-х орто оскуола хамаандата таҕыста уонна көһө сылдьар Кубок биир сыллаах хаһаайына буолла – Чаҕылысов Чаҕыл 6 кыл., Протопопова Сияна 7 “а” кыл., Колтовская Сайаана 7 “б” кыл., Семенова Варя 8 “а” кыл., салайааччы Розалия Васильевна Александрова

2 үрдэл Тамалакан орто оскуолатын хамаандата – Алексеева Элина 8 кыл., Пахомова Алина 7 кыл., Терентьева Айыллаана 6 кыл., Саввинов Эрэл 6 кыл., салайааччылар Анастасия Васильевна Трофимова уонна Галина Васильевна Терентьева

3 үрдэл Дүллүкү орто оскуолатын хамаандата Донской Айтал 7 кыл., Григорьева Степания 7 кыл., Санникова Алина 8 кыл., Петрова Айыына 6 кыл., Салайааччылар: Анна Леонидовна Васильева, Кыыма Гаврильевна Алексеева, Антонина Ивановна Афанасьева

“Кыайыыга дьулуур” анал ааты П.Н.Тобуруокап аат.Нам орто оскуолатын хамаандата ылла – Павлова Дина 8 кыл., Павлова Вирсавия 8 кыл., Романова Анжелика 6 “б” кыл., салайааччы Петрова Мария Гаврильевна.

Күрэҕи ыытта Үөһээ Бүлүү оҕо библиотекатын сүрүн библиотекара Екатерина Револьевна Семенова.

Бары кыттыбыт оҕолорбутугар, бэлэмнээбит салайааччыларыгар улахан махталбытын тиэрдэбит, эһиил өссө эбиллэн, билиилэрин хаҥатан кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит!

“Тылбаас”

Д.С.Спиридонов аат. Үөһээ Бүлүү 4№ орто оскуола хамаандата

Я и Вы   Николай Гумилев

Да, я знаю, я вам не пара,
Я пришел из другой страны,
И мне нравится не гитара,
А дикарский напев зурны.  

Не по залам и по салонам,
Темным платьям и пиджакам —
Я читаю стихи драконам,
Водопадам и облакам.  

Я люблю — как араб в пустыне
Припадает к воде и пьет,
А не рыцарем на картине,
Что на звезды смотрит и ждет.  
Мин уонна эһиги  

Мин билэбин, эһиэхэ таптал буотахпын,
Мин кэлбитим атын дойдуттан,
Мин гитараны сөбүлээбэппин,
Дьиикэй ыллааһын тыаһыттан.
 
Хосторунан буолбакка
Хараҥа таҥастаах,
Хоһоон ааҕабын драконнарга,
Уу түһүгэр уонна балыктарга.
 
Мин таптыыбын – арап кумахха
Ууга сыһыаннаһарын курдук,
Хартыынаҕа баар Боотур,
Сулустарга үҥэрин курдук.