Муус устар 5 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатыгар “Суруйааччылыын сэһэргэһии” диэн олус сэргэх интэриэһинэй көрсүһүү буолан ааста. Биир дойдулаахпыт Өргүөттэн төрүттээх Суруйааччылар сойуустарын норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүтүн уонна СӨ суруйааччыларын сойууһун, “Саха сирин суруйааччыта” ассоциация чилиэнэ, Саха сирин ыччатын уоһуттан түспэт “Айан ырыата” ырыа автора, поэтесса Вера Спиридоновна Нанова-Солдатова дойдутун кырачаан ааҕааччыларын кытта көрсөн, сэһэргэстэ уонна “Сахаҕынан кэрэ буол” диэн бэртээхэй кинигэтин бэлэхтээтэ. Бу кинигэҕэ баар төрөөбүт дойду, ийэ тыл, үөрэх-билии, олоҥхо, ыһыах, саха омук туһунан хоһооннору оҕолор биир- биир аахтылар.

Вера Спиридоновна бэйэтэ учуутал үөрэхтээх, иһирэх ийэ, эйэҕэс эбээ, онон оҕолорго олус аламаҕай, сылаас-сымнаҕас сыһыаннаах. Оҕону кытта оҕо буолан, тэҥҥэ ирэ-хоро сэһэргэһэн, оһуокайдаан, тойуктаан, түмүккэ сүбэ-ама биэрэн, алгыстаах үтүө тылынан алҕаан, “Айан ырыатынан” көрсүһүү түмүктэннэ.

Түмүккэ сахалыы сиэринэн, оҕолор алаадьынан үссэннилэр. Вера Спиридоновна хас биирдии оҕолуун илии тутуһан кинигэтин бэлэхтээтэ уонна минньигэс шоколад туттаран, оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох буолла.

Көрсүһүүгэ кэлбит, кыттыбыт оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар бу көрсүһүү умнуллубаттык өр сылларга хаалбыта саарбахтаммат.

Вера Спиридоновна “Сахаҕынан кэрэ буол!” диэн хоһооннордоох хомуурунньуга Сахабыт сирин бары оҕолоругар тиийдин диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.

Олохтоох “Үөһээ Бүлүү” хаһыат телеграм каналыгар көрсүһүү туһунан видеообзорун бу сигэни баттаан көрүҥ “Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатыгар суруйааччылыын сэһэргэһии”