МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Бүгүн Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатыгар истиҥ, үөрүүлээх түгэн буолла. Прокопьева Надежда Николаевна – Харыстаана кырачаан ааҕааччыларга анаан суруйбут саҥа кинигэтин библиотека фондатыгар бэлэх уунна.

“Күнүм кустуктара” кинигэ — кыра оҕолорго анаан суруллубут, оҕо сааһын кэрэ эйгэтин, төрөөбүт дойдутун кырасыабай көстүүлэрин, үтүө санааны, айылҕаны тапталы хабар үтүө айымньы. Харыстаана оҕолорго аналлаах тэттик хоһоонноро истиҥ иэйиилээхтэр, тыллара судургу, оҕолорго өйдөнүмтүө уонна ылынымтыа.

Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката Харыстаанаҕа айар үлэтигэр ситиһиилэри, саҥа айымньылары, доруобуйаны уонна өр кэмнээх айар күүһү-уоҕу баҕарар!

Ааҕааччылар! Саҥа кинигэни Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатыттан булан ааҕыаххытын сөп.