2022 сылга Үөһээ Бүлүү улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, Үөһээ Бүлүү оҕо библиотеката “Олоҥхо дойдута – мин дойдум” диэн олунньу ыйтан төгүрүк биир сыл устата куйаар ситимин нөҥүө викторина ыытта.
Викторина ыйытыктарыгар олоҥхо, биллиилээх олоҥхоһуттар, чулуу тойуксуттар уонна оһуокайдьыттар тустарынан киирдилэр: П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур”, С.А.Зверев-Кыыл Уола, Н.С. Александров-Ынта Никиитэ, А.Т.Титаров, К.Н.Никифоров, Н.П.Корякин, Л.С.Афанасьева, В.С.Васильева.
Сыл түмүгүнэн, бу викторинаҕа барыта 32 олоҥхону сэҥээрээччи кытынна. Викторина хайа саҕаланыаҕыттан түмүгэр диэри үс кыттааччы биэтэккэ ситиһиилээхтик кэллэ.
Бары викториналар түмүктэринэн
Кыайыылаах үрдүк ааты ылла – Лазарева Розалия Захаровна (Үөһээ Бүлүү),
2 миэстэ – Попова Елена Егоровна (Нам),
3 миэстэ – Алексеева Анисья Егоровна (Үөһээ Бүлүү).
Кыттааччыларга туоһу сурук, кыайыылаахтарга грамота уонна сыаналаах бириис туттарыллар.
Саханы саха дэппит Олоҥхобутун өрө тутан, биһиги улууска буолаары турар ыһыахха өйдүүн-санаалыын, күүстүүн–уохтуун бэлэм буолуохха!

https://db.vvlibr.ru/olo-ho-dojduta-min-dojdum/ 

Билсэр аадырыскыт: Үөһээ Бүлүү, Ленин аатынан 36 дьиэтэ, оҕо библиотеката.