МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Биир дойдулаахпыт народнай суруйааччы Н.Г.Золотарев-Якутскай 115 үбүлүөйдээх сылыгар, оҕолорго айымньыларынан алын кылаас үөрэнээччилэригэр кинигэ оҥоруу уонна уһуйаан иитиллээччилэригэр дьүһүйүү күрэхтэрэ 2023 с. Сэтинньи 22 к. – 2024 с. Кулун тутар 31 к. ыытылынна.

Күрэх сыала-соруга:

  • Н.Г.Золотарев-Якутскай оҕолорго айымньыларын ааҕыы;
  • Чугас дьоҥҥо, айылҕаҕа, кыылга-сүөлгэ амарах, харыстабыллаах сыһыаны иитии;
  • Тылы сайыннарыы, тыл саппааһын байытыы;

Н.Г.Золотарев-Якутскай 115 сылын көрсө, оҕолорго айымньыларынан кинигэ оҥоруу күрэх түмүгэ:

Үһүс миэстэ Алексеева Алгыстаана, Ю.Н.Прокопьев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай оскуола 2 “б” кылааһын үөрэнээччитэ, (“Куобахтааҕар куттас”) уонна Варламова Нина, М.Т.Егоров аат.Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с № орто оскуола 1 кылааһын үөрэнээччитэ (“Куобахтааҕар куттас”, “Эһэлээх бөрө иирээннэрэ”)

Иккис миэстэни ылла Седалищева Анита, Дүллүкү орто оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччитэ, (“Эһэ оҕотун эрэйдээх сырыыта”)

Кыайыылаахтар Огочонов Ганя, Ю.Н.Прокопьев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай оскуола 1 “а” кылааһын үөрэнээччитэ (“Куобахтааҕар куттас”) уонна Огочонова Марина, Ю.Н.Прокопьев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай оскуола 2 “б” кылааһын үөрэнээччитэ (“Куобах кутуруга суох буолбута“)

Н.Г.Золотарев-Якутскай төрөөбүтэ 115 сылын туолуутугар, суруйааччы оҕолорго айымньыларын дьүһүйүү

Кыайыылаах 1 №-дээх “Ньургуһун” Оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ Николай Якутскай тылбаастаастаабыт Кытай норуотун остуоруйатын “Ма-Лян уонна аптаах кисточка” туруорбуттар. Оруолларга: Сандаара Колтовская, Сахайаан Иванов, Настя Кардашевская, Самаана Никифорова, Харысхан Шологонов, Кирилл Петчинов, Ангелия Игнатьева, Амир Романов, Айсен Лазарев, Мирослав Максимов уонна Дайаана Андреева, салайааччылара Шарина А.А., Николаева В.И..

Добун уонна туоһу суруктары, бириистэри Муус устар 19 күнүгэр Оҕо библиотекатыттан ылаҕыт.

Биһиги аадырыспыт: Үөһээ Бүлүү нэһ., Бараахап уул., 18 №-дээх дьиэтэ