МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Никифор Кирикович Седалищев — Дьүөгэ Ааныстыырап учуутал, редактор, буойун-суруйааччы. Кини архыыбыгар «Прозаҕа кэлбит ыллыгым» диэн хайдах суруйааччы буолан испитин туһунан быстах бэлиэтээһиннэрэ бааллар. Онно кини буукубаны холбоон, тыл таһаарар буолуоҕуттан ыла сахалыы литератураны умсугуйан туран аахпытын. Эрилик Эристиин «Соһуччу үөрүү» диэн айымньытын ааҕан баран, ытаабытын ахтар.

«1933 сыл уус-уран литература туһунан өйдөбүллэммитим, — диэн суруйар кини. — Суруйааччылар айымньыларын ааҕа-ааҕабын: «Мин бэйэм да суруйдарбын, хайдах буолуо этэй?» — диэн, ымсыыра санаан кэлэрим…

Н.К.Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап үбүлүөйдээх күнүн көрсө оҕо библиотеката суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан викторина бэлэмнээтэ ВИКТОРИНА

Эппиэттэри Тохсунньу 27 күнүгэр диэри электроннай почтаҕа ыытаҕыт vervdblib@mail.ru

Викторина түмүгэ Тохсунньу 29 күнүгэр Оҕо библиотекатын сайтыгар тахсар. Кыайыылаахтарга грамоталары уонна бары кыттыбыттарга туоһу суруктары түмүк тахсыбытын кэннэ нэдиэлэ устата ыйыллыбыт электроннай аадырыстарга ыыталыыбыт.