МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Үөһээ Бүлүү улууһа — Бүлүү өрүс сүнньүгэр сытар, тайаан сытар сиринэн атын улуустарга тэҥнээтэххэ кыра гынан баран Саха Сиригэр суолталаах улуус. Киинэ — Үөһээ Бүлүү с. Билиҥҥи кыраныыссатынан 1935 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр Булуу улууһуттан араарыллан тэриллибит. Бу улуустан элбэх культура, наука, политика уонна уопсастыба үлэһиттэрэ тахсыбыттара.

Үөһээ Бүлүү улууһа Бүлүү өрүһүн улуустарыттан биир кырдьаҕастара буолар. Онон былыргы, киэҥ баай историялааҕа саарбаҕа суох.
Сахалар Бүлүү сиригэр 17 үйэ иккис аҥарыгар- 18 үйэ маҥнайгы
аҥарыгар кэлитэлээбиттэр уонна олохсуйан барбыттар. Краевед Лазарь Филиппович Николаев суруйуутунан, сахалар Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугар үс улахан түһүмэҕинэн көһөн кэлбиттэрэ ахтыллар. Аан маҥнайгы түһүмэххэ – намнар, иккискэ – үөдүгэйдэр, үһүскэ – боотулуулар. Ити көһүүлэр Өлүөнэ хочолоругар нууччалар кэлиилэрин, кинилэри утары күүс өртүнэн өрө туран хотторууну, онтон күрэнэн, сойуолааһынтан, өлүүттэн-сүтүүттэн дьаарханан куотууну, сири- уоту уларытыыны кытары ыкса сибээстээхтэрэ көстөр. 1760-1770 сс. сахалартан дьаһааҕы хомуйарга Үөһээ Бүлүү, Орто Бүлүү уонна Алын Бүлүү диэн ааттанар симиэбийэлэр баар буолбуттар. Үөһээ Бүлүү симиэбийэтэ бу үс Бүлүү симиэбийэтин үлэтин-дьаһаҕын дьаһайар киининэн биллэрэ.
Дьэ ити курдук былыр сахалар Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн олохсуйбуттар
Билигин биһиги улууспут 21 нэһилиэктээх, үтүө-мааны дьонунан, үлэтинэн-хамнаһынан республикаҕа биллэр улуус буолар. Биһиги улууспут киэн туттар общественнай, государственнай, политическай деятелэ Исидор Бараахап буолар. Кини Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы тэрийээччилэртэн, Саха уобаластааҕы партийнай тэрилтэ уонна Саха АССР правительствотын салайааччыларыттан биирдэстэрэ буолар. Кини улуу аатын үйэтитэр сыалтан Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 №- дээх оскуолаҕа өр сылларга директордаабыт Дмитрий Спиридонович Спиридонов этиитинэн 1957 сыллаахха Верховнай Совет уурааҕынан 1 №- дээх оскуола Исидор Бараахап аатын сүкпүтэ. Республика үрдүнэн соҕотох этнопедагогика (норуот педагогиката) музейа Ороһу нэһилиэгэр баар. Бу музейы төрүттээбит этнопедагог Константин Спиридонович Чиряев буолар. Кини үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ орто оскуолаҕа история учууталынан, оскуола директорынан, үөрэх оройуоннааҕы салаатын сэбиэдиссэйинэн, Бүлүүтээҕи педучилищеҕа педагогика уонна психология учууталынан, кэнники 17 сылга Ороһутааҕы норуот педагогикатын музейын научнай салайааччынан үлэлээбитэ. Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ элбэх үлэлээх. Ол курдук “Норуот педагогиката”,”Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии”,”Аляскаҕа айан”, “Эһээ дневнигэ”, “Олох педагогиката”,”Оҕону дьиэҕэ иитии” уо.д а. Биһиги, Үөһээ Бүлүүлэр, киэн туттабыт түөрт народнай суруйааччылаахпытыттан. Н. Г. Золотарев- Якутскай– Харбалаахтан, Петр Тобуроков– Ороһу нэһилиэгин Өлөкөөн диэн сириттэн , С.Т. Руфов– Тамалакаантан, Василий Сивцев – Боотулууттан төрүттээхтэр. Николай Якутскай “Төлкө”, “Илин уонна арҕаа”, “Сүтүк”, Адаҕа“” романнар, “Көмүстээх үрүйэ”, ”Алмааһы көрдөөччүлэр”, ”Алмаас уонна таптал” уо.д.а. сэһэннэр уонна кэпсээннэр автордара. 1972 сыллаахха режиссер Марат Арипов Н.Якутскай “Көмүстээх үрүйэ” сэһэнигэр олоҕуран “Тайна предков” диэн киинэ устубута. Петр Тобуруокап идэтинэн учуутал. 33 сыл учууталлаабыт. П. Тобуруокабы ырыаһыт- поэт дииллэр. Кини 300-тэн тахса хоһооно ырыа буолан ылланаллар. Онтон оҕолорго суруйбут айымньыларын ааҕан сиппэккин. Кини оҕолорго кинигэлэрэ “Буквалар мунньахтара”, ”Тиэргэннээҕи зоопарк”, ”Туллай”, ”Чыычаахтар күнү көрсөллөр”, ”Улаатарым буоллар мин”, “Күнү кытта оонньуубун” уо.д.а.Тобуруокап Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. Сэриигэ пулеметчик наводчигынан сылдьыбыта. Онон кини сэрии диэн тугун этинэн-хаанынан билбит буойун учуутал, суруйааччы . “Биэс сурук” айымньы автора. Харбалаахтан сэриигэ суорума суолламмыт биэс ини-бии бырааттыы Федоровтарга анаабыт хоһооно.
Ханнык баҕарар нэһилиэк, улуус бу сиргэ олорон ааспыт улуу дьонун үтүө ааттарын үйэтитэр сыалтан оскуолаларга, культура дьиэлэригэр, библиотекаларга кинилэр ааттарын иҥэрэр. Кэлэр көлүөнэ биллин-көрдүн, биһирээтин, киэн тутуннун диэн. Оскуолалар кимнээх ааттарын сүгэллэрий?
Харбалаах – Н. Якутскай, Өргүөт – Трофим Иустинович Петров, 1927 сыллаахха Өргүөккэ оскуола аһылларын ситиспит, Онхой – Симон Петрович Федотов, РФ, СР үтүөлээх артыыһа, Кэнтик – Никифор Кирикович Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап, Хоро – нэһилиэккэ үөрэх- сайдыы кыымын сахпыт, аан маҥнай оскуоланы төрүттээбит Георгий Николаевич Чиряев, Сургуулук – бырааттыы Боескоровтар, Оҥхой – С.П. Федотов, Кырыкый – Степан Дадаскинов, поэт, радиожурналист, Хомустаах – Николай Габышев,прозаик, драматург, переводчик, 1 оскуола – И.Бараахап, 2 оскуола – Марк Трофимович Егоров, СР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Спортивнай оскуола – Юрий Николаевич Прокопьев, советскай партийнай, государственнай деятель, 4 оскуола – Дм. Спиридонович
Спиридонов,РСФСР, Саха АССР үтүөлээх учуутала, ВВРЛИ- Михаил Андреевич Алексеев –ССРС народнай учуутала,, РСФСР, САССР үтүөлээх учуутала, физмат школаны төрүттээбит, ВВМЦБС– Федорова Ольга Дмитриевна- ССРС культуратын туйгуна, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтэ- Седалищев Иван Иванович-1945- 1953сс. директордаабыт (8 сыл), сэрии кэннинээ5и ас- таҥас кырыымчык, оҕо дьиэтин материальнай базата мөлтөх, эмп-томп суох кэмигэр директорынан үлэлии киирбит. Иван Иванович Дьокуускайга үөрэх наркомунан, партия райкомунан, райсоветынан (салайар органнар) тилийэ көтө сылдьан оҕо дьиэтин материальнай базатын тупсарыыга, ас- таҥас булууга хара өлүөр диэри күүһүн- уоҕун биэрэн үлэлээбит киһи буолар.
Биһиги, Үөһээ Бүлүүлэр, республикаҕа киэн туттар монумеммыт “Хотун Бүлүү” буолар. Улуу Октябрьскай революция 50 сылын көрсө 1967 сыллаахха оҥоһуллубут. Бу монумены Ороһуттан төрүттээх Егор Николаевич Крылатов эскиһинэн Анисим Григорьевич Прокопьев көмөлөһөн оҥорбуттара. “Хотун Бүлүү” монумент биһиги Бүлүү өрүспүт үйэлээх, киэн туттар символа буолар. Бу курдук айылҕаттан талааннаах дьон биһиги улууска элбэхтэр. Олортон өбүгэбит үтүө үгэһин этигэр-хааныгар иҥэриммит олоҥхоһут, тойуксут, алгысчыт, спортсмен, байанайдаах булчут, уран тарбахтаах уус, “Арчы ” дьиэтин төрүттээбит Кирилл Никонович Никифоров буолар. Кини Бүлүү улууһун Лөкөчөөн нэһилиэгэр төрөөбүт буолан, Лөкөчөөн диэн псевдонимнаах. 1998 сыллаахха Сергей Зверев 100 сааһын көрсө Кирилл Никифоров “Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн” диэн олоҥхото туруоруллан, республика күрэҕэр 2 миэстэни ылбыта. Кирилл Никифоров ити бастакы олоҥхото, иккис олоҥхото “Айдааннаах айаннаах Ала Буурай аттаах Мохсоҕоллой Боотур”, үһүс олоҥхото “Күдэннээх кутуруктаах Күдэн кыгас аттаах Күн Эрбийэ бухатыыр” диэннэр. 2005 сыллаахха Кирилл Никифоров Бүтүн Россия лауреатын аатын ылан, “Душа России” диэн анал аат хаһаайынынан буолар.

Барытын болҕойон аахпыт буоллаххытына тургутугу чэпчэкитик ааһыаххыт