Үөhээ Бүлүүтээҕи Д.С. Спиридонов аатынан гимназия алын кылаас учууталларын методическай холбоһуга уонна “Үөhээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката” Аҕа Дойду көмүскээччилэрин күнүгэр төрдүс кылаас уолаттарыгар улуустааҕы “Бэргэн” күрэҕи тэрийэн ыыттылар.
Күрэххэ улуус 8 оскуолатыттан 13 уол о5о кытынна, уолаттар үс түhүмэххэ күөн көрүстүлэр:
Бастакы түhүмэх “Булугас –өй” – тексы кытта үлэ (функциональная грамотность).
Иккис түhүмэх “Спортивнай күрэх” – сүрүү, таба быраҕыы, тардыныы.
Үhүс түhүмэх «Өркөн- өй» блиц – ыйытыыларга хоруй. Төрөөбүт дойдуларын, тылларын, уопсай билиилэрин тургутан көрүү.
“Бэргэн” үрдүк аатын Үөhээ Бүлүүтээҕи Исидор Барахов аатынан №1 орто оскуола үөрэнээччитэ Захаров Дархан ылыан ылла.
Бастакы үрдэл хаһаайынынан Үөhээ Бүлүүтээҕи Д.С. Спиридонов аатынан гимназия үөрэнээччитэ Иванов Айсан таҕыста.
Иккис үрдэли П. Н. Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын үөрэнээччитэ Егоров Айсен ылла.
Үhүс үрдэли Г.Н. Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын үөрэнээччитэ Саввинов Сеня эрэллээхтик ылла.
Уолаттарбытын дьоһун ситиһиилэринэн уонна кэлэн иһэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн истиҥник эҕэрдэлиибит уонна ситиһиилээх үөрэҕи баҕарабыт!


