Саха норуодунай суруйааччыта Семен Титович Руфов төрөөбүт күнүн көрсө тургутук бэлэмнээтибит. Киирэн кыттыҥ, билиигитин хаҥатыҥ!
Хоруйдары ахсынньы 10 к. диэри Оҕо библиотекатын электроннай почтатыгар ыытаҕыт: vervdblib@mail.ru #тургутукС.Руфов диэн бэлиэтиигит.
Тургутук “Семен Титович Руфов олоҕо уонна айар үлэтэ“
"Алта нэһилиэк уолунабын"
Төрүт нэһилиэгим Харбалаах
Хайаан да бастаан ааҕыллыахтаах.
Онтон сырдык оскуолабар,
Үөрэммитим Ороһубар.
Көлөһүммүн таммалатан
Улааппыт сирим Тамалакаан.
Хааным аҥара - ийэбиттэн,
Ол аата Нам нэһилиэгиттэн.
Саанньыкаба диэн эбэбин
Санаан Дүллүкүбүн дэнэбин.
Балаҕаннааҕы тумнар сыыһа:
Иккис эбэм - Бүөчүккэ кыыһа...
Алта нэһилиэк уолунабын
Абааһыны муннарабын.
Көрдөөн-кэрийэн сыратын быстын
Уонна дьэ булан сии сырыттын!
Алта нэһилиэк сирэ-уота,
Чэлгиэн салгына, ыраас уута,
Үтүө дьоннорун үгэстэрэ,
Сылаас тыллара, мичээрдэрэ -
Эппэр-хааммар иҥмиттэрэ,
Өйбүн-санаабын ииппиттэрэ.
Алта нэһилиэк көрөн-харайан,
Үөрэтэн, өйдөтөн-такайан,
Баччаҕа тиийэ кырыйдаҕым
Сири сиигирдэн сырыттаҕым.
Өссө мин өрө харбаһабын -
Алта нэһилиэккэ баппаппын:
Биэс улуустан күтүөттээхпин,
Сэттэ улуустан киньииттээхпин,
Уруулар, чугас-хаан аймахтар
Уон биэс улууска тарҕаммыттар,
Отут улуустан доҕордоохпун,
Ол иһин олус дьоллоохпун -
Бүтүн Саха сирин уолунабын
Онон бөҕөтүк сананабын!
Ырыык-ыраах да бардахпына,
Охтон-ойдон да хааллахпына -
Адьас син-биир төннөн кэлиэм,
Алта нэһилиэкпэр эргиллиэм:
Хоһоон буолан хоско ааһыам
Кинигэ буолан киирэн саһыам...
Удьуорун ороон таһаарыаҕа -
Ааҕыаҕа, аанын ааттыаҕа!
Онон таах сүтэн хаалбаппын...
Дойдубуттан арахпаппын.
С.Т.Руфов