Быйыл, тохсунньу 16 күнүгэр, саха поэта, суруйааччыта, биир дойдулаахпыт Василий Гольдеров – Ороһу Уола 90 сылын бэлиэтиибит. Быйылгы “2022 сыл үбүлөүйдээх Саха суруйааччылара” улахан викторинабытын Василий Гольдеров – Ороһу Уола олоҕуттан, айар үлэтиттэн, айымньыларыттан саҕалыыбыт.
Хоруйдары 89142868081 (ватсап эрэ) нүөмэргэ тохсунньу 31 күнүгэр диэри ыытаҕыт.
Ыйдааҕы түмүк Олунньу 10 күнүгэр Инстаграм страницатыгар тахсар @_detlib.vervil .
Иккис викторина Олунньу 15 күнүгэр оҕо библиотекатын сайтыгар бэчээттэниэ.
Бу сигэни баттаа Василий Федотович Гольдеров – Ороһу Уола
Кыттааччы анкетата:
- Кыттааччы толору аата
- Туолбут сааһа
- Олорор нэһилиэгэ, улууһа
- Телефон