МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирэ төрүт литературатын, норуотун киэн туттуулара айар уус тыллаах, тыл илбиһэ төлөннөөх суруйааччыларбыт буолаллар. Кинилэр айымньылара, ытык ааттара үйэлэргэ сүппэт, симэлийбэт. Сыллар-дьыллар ааһан истэхтэрин ахсын суолталара өссө дириҥээн, сыаналанан, айбыт-туппут үтүөлэрэ-өҥөлөрө тахсан иһэр. Бу, үүммүт 2022 сылга Үөһээ Бүлүү оҕо библиотеката “2022 сыл Саха сирин үбүлүөйдээх суруйааччылара” диэн төгүрүк сыл ыытыллар саҥа викторинаны тохсунньу ыйтан куйаар ситимин нөҥүө саҕалыыр. Викторинаҕа суруйааччы олоҕуттан, айар үлэтиттэн, айымньыларыттан ыйытыктар киириэхтэрэ.

Викторинаҕа кыттыы сааһынан уонна олорор сиринэн хааччахтаммат. Дьиэ кэргэнинэн кыттыы биһирэнэр.

Викторина уопсай түмүгэ бу сыл ахсынньы ыйыгар тахсыаҕа.

Сыл түмүгүнэн кыайыылаахтарга сыаналаах бириис уонна добун сурук туттарыллар.

Бастакы викторина тохсунньу 15 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оҕо библиотекатын сайтыгар тахсар