МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

2025 сыл устата ыытыллар “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕабыт” литературнай күрэх сэтинньитээҕи сорудаҕынан Мэҥэ-Хаҥалас Моорук нэһилиэгиттэн төрүттээх, ХХ үйэ 50‒60-сс талааннаах суруйааччыта Николай Афанасьевич Апросимов “Эрэллээх доҕор” кэпсээнэ буолла.

Хоруйдары сэтинньи 30 күнүгэр диэри 89141103234 (ватсап) ыытаҕыт. Ыйдааҕы түмүк ахсынньы 3 күнүгэр, онтон сылы түмүктүүр тургутук ахсынньы 5 күнүгэр тахсыахтара.

9 тургутук: “Эрэллээх доҕор” Николай Апросимов

Кэпсээн “Эрэллээх доҕор” Н.А.Апросимов

Күрэххэ олорор сириттэн тутулуга суох ханнык  баҕарар дьиэ кэргэн (оҕолоро үөрэнэр да, үлэһит да буолуохтарын  сөп), эбээлэр, эһээлэр да кыттыахтарын сеп. Күрэххэ кыттар дьиэ кэргэн ааттара-суоллара, саастара, олорор нэһиэлэктэрэ, оҕолор үөрэнэр оскуолалара, кылаастара толору ыйыллар уонна биир конт.нүөмэр (ватсапка бөлөх арыллар)

Холобур: Ивановтар Үөһээ Бүлүү нэһ., Петр Андреевич – аҕа, Надежда Ивановна – ийэ, Лидия Николаевна – эбээ, Андрей 8 саастаах, П.Н.Тобуруокап аат. Нам орто оскуолатын 2 кыл., Надя 17 саастаах, М.А.Алексеев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интернат, 11 кыл. 8914***

Күрэх ыйытыктара уонна ыйдааҕы түмүк сыл устата Үөһээ Бүлүүтээҕи  оҕо библиотекатын сайтыгар тиһигин быспакка ый аайы тахсар. Ахсынньы ыйга уопсай түмүк биллэриллэр.

Оҕо библиотекатын сайта: db.vvlibr.ru   

Күндү ааҕааччыларбыт! Ийэ тылбытынан  ааҕан, төрөөбүт тылбыт баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин төгүрүк сылы быһа эппитигэр-хааммытыгар иҥэриэхпит, тылбыт саппааһын хаҥатыахпыт, элбэҕи билиэхпит-көрүөхпүт. Ылсыбыккытын ыһыктыбакка 12 ый бииргэ буолуохха!