Үөһээ Бүлүү улууһун учуутал суруйааччылара.
Киэҥ нэлэмэн Саха сиригэр биллэр Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, айар куттаах, саха тылын сүмэтин, эгэлгэтин, кэрэтин илдьэ сылдьан, кэлэр көлүөнэни, оҕо-ыччаты үөрэппит, ииппит-такайбыт дьоһун айымньылардаах учуутал суруйааччылар аҕыйаҕа суохтар. Кинилэр оҕолору кылааска үөрэтэллэрин таһынан, дьоһуннаах айымньыларынан үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйаллар, төрөөбүт тылга тапталы иҥэрэллэр.