МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Оҕо библиотеката 2018 сылтан “Тыыннаах литературнай тыл” чемпионаты ыытар. Чемпионат сыалынан-соругунан эдэр ыччаты ааҕарга угуйуу, умсугутуу, интэриэһи үөскэтии, тыл-өс культуратын сайыннарыы, айымньы ис хоһоонун истээччигэ толору тиэрдии, дьон иннигэр толлугаһа суох саҥара үөрэнии, туттуу-хаптыы буолар.

Билигин информация наһаа элбэх. Информацияны үксүгэр суругунан ылабыт . Суругунан сонун, информация төһө да үчүгэйин эбэтэр хомолтолооҕун иһин эмоцията, кырааската  мөлтөх соҕус буолар. Эн билбэккин бу киһи хайдах состояниялаах, хайдах туруктаах олорон суруйбутун. Суругу ааҕа олорон, ээ маннык эбит диэн саныыгын, толкуйдуугун. Онтон тыыннаах тыл бэйэтэ да этэ сылдьар чахчы “тыыннаах” буолар. Эн саҥараргар, аҥардас тыынаргыттан,  куоласкыттан да билиэххэ сөп, эн хайдах настроениелааххын, хайдах туруктааххын, туохха санаарҕыыргын.  Куолаһын уларыйарыттан. Киһи саҥарарыгар хайдах туттан-хаптан туран саҥарара эмиэ киһи туругун көрдөрөр.

Тыл диэн наһаа күүстээх. Аҥардас тылынан киһини дьоллуохха , эбэтэр тылынан киһини самнарыахха , кынатын сарбыйыахха сөп. Тыл сүдү күүстээх. Мээнэҕэ киһи тыла- ох  диэбэттэр. Ол иһин былыр “Мээнэ тыллаһыма, сэттээх буолуо” дииллэр.

 Биһиги сахабыт тыла олус баай, этигэн кэрэ. Биһиэхэ бааллар дифтоннар, хоһуласпыт, дьүөрэлэспит бүтэй дорҕооннор, кылгас, уһун аһаҕас дорҕооннор. Хайа уонна ДЬ, Ҕ, НЬ, ҥ, Һ дорҕооннорбут бааллар ди. Ол иһин биһиги сахабыт тыла олус кэрэ, киһи кулгааҕар минньигэстик иһиллэр, өйүгэр-сүрэҕэр түргэнник тиийэр.

Чемпионат 3 түһүмэҕинэн, 2 бөлөҕүнэн буолла (7-8, 9-10 кыл.)

1 түһүмэх- проза

2 түһүмэх- поэзия

3 түһүмэх- финал (нуучча улуу суруйааччылара А.С.Пушкин 225,  М.Ю. Лермонтов 210 сылларынан) сахалыы тылбаастара

1, 2 түһүмэхтэн талыллан 6 кыттааччы финалга тахсар.

Быйылгы ааҕыы Чемпионатын дьүүллүүр сүбэтэ:

  • Долгаева Екатерина Петровна, Үөһээ Бүлүүтээҕи библиотечнай ситим Электроннай салаа сэбиэдиссэйэ
  • Прокопьева Сардана Петровна, Үөһээ Бүлүүтээҕи библиотечнай ситим кылаабынай библиотекара
  • Буртахова Евдокия Ивановна, Үөһээ Бүлүүтээҕи библиотечнай ситим кыраайы үөрэтэр салаа сүрүн библиотекара

Иккис күн уопсайа 11 оҕо кыттыыны ылла:

7-8 кылаастар бөлөхтөрүгэр – Пахомова Юлиана (8 б кыл., И.Н.Барахов аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 №х орто оскуола), Петрова Руслана (8 б кыл., Ю.Н.Прокопьев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай орто оскуола), Яковлева Дарена (8 а кыл., Д.С.Спиридоов аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи улуус гимназията), Васильева Кюннэй (7 б кыл., М.А.Алексеев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи лиссиэй-интернат), Михайлов Арсений (8 кыл. Н.К.Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап аат. Кэнтик орто оскуолата)

9-10 кылаастар бөлөхтөрө – Евсеев Игорь (9 б кыл., И.Н.Барахов аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 №х орто оскуола), Васильева Саша (9 кыл., Ю.Н.Прокопьев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай орто оскуола), Гаврильев Кеша (10 а кыл., Д.С.Спиридоов аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи улуус гимназията), Алексеев Эльдар (10 а кыл., Д.С.Спиридоов аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи улуус гимназията), Гаврильев Мирослав (10 а кыл., М.А.Алексеев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи лиссиэй-интернат), Нератова Эвелина (10 кыл., Н.К.Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап аат. Кэнтик орто оскуолата)

Сахалыы ааҕыы Чемпионат түмүгүнэн:

“Бастыҥ ааҕааччы” буоллулар Петрова Руслана (8 б кыл., Ю.Н.Прокопьев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай орто оскуола) уонна Нератова Эвелина (10 кыл., Н.К.Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап аат. Кэнтик орто оскуолата)

Чемпионат призердара: Васильева Саша (9 кыл., Ю.Н.Прокопьев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай орто оскуола), Пахомова Юлиана (8 б кыл., И.Н.Барахов аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 №х орто оскуола), Гаврильев Мирослав (10 а кыл., М.А.Алексеев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи лиссиэй-интернат), Михайлов Арсений (8 кыл. Н.К.Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап аат. Кэнтик орто оскуолата), Евсеев Игорь (9 б кыл., И.Н.Барахов аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 №х орто оскуола)