Олунньу ый 13 күнүгэр төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр үгэскэ кубулуйбут «Таптыыр сахам тылынан…» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан ыытыллынна.
Дьыктааны Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин «Оҕо арыллар, ааҕар киинэ», өрөспүүбүлүкэ улуустарын оҕо бибилэтиэкэлэрэ, салаалара «Бары ааҕабыт» бырайыак чэрчитинэн тэрийэн ыытыллар. Дьыктаан сүрүн сыалынан өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрэ төрөөбүт тылынан ыраастык, литературнай нуормаҕа толору эппиэттиир, уус-уран, суруга-бичигэ таба, тупсаҕай буоларыгар үлэлэһии.
Быйыл оройуон үрдүнэн уопсайа 309 алын уонна орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ истэн суруйдулар.
Дьүүллүүр сүбэ үөрэнээччилэр үлэлэрин үс бөлөҕүнэн арааран, тус-туспа сыаналаан кыайыылаахтары ааттаата.
3-4 кылаас үөрэнээччилэрин ортолоругар:
I үрдэл – Кузьмина Карина, Туобуйа орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ,
I үрдэл – Лукин Эрчим, Туобуйа орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ;
II үрдэл – Егорова Айыына, Дүллүүкү орто оскуолатын үөрэнээччитэ,
II үрдэл – Егорова София Дүллүүкү орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ,
II үрдэл – Сергеева Вильма, Ороһу орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ;
III үрдэл – Харабынов Леня, Туобуйа орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ,
III үрдэл – Васильева Диана, Васильев Харысхал, Мандарова Сайнаара, Дорофеева Лидия Дүллүүкү орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ,
III үрдэл – Ильин Айтал, Ороһу орто оскуолатын 3 кылааһын үѳрэнээччитэ;
5-6 кылаас үөрэнээччилэрин ортолоругар:
I үрдэл – Семенова Алексения, Мейик сүрүн оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,
I үрдэл – Федоров Эрсан, Мейик сүрүн оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,
I үрдэл – Николаева Виолетта, Тамалакаан орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ;
II үрдэл – Саввинова Сайнаара, Тамалакаан орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ,
II үрдэл – Степанов Саша (5 кыл.), Львова Бриллиана (6 кыл.), С. Дадаскинов аат. Кырыкый сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ,
II үрдэл – Жиркова Айыллаана (6 кыл.), Николаева Сардаана (5 кыл.), Быракаан сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ;
III үрдэл – Степанов Егор (5 кыл.), Ильин Алгыс (6 кыл.) С. Дадаскинов аат. Кырыкый сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ,
III үрдэл – Петров Кеша, Туобуйа орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ;
7-8 кылаас үөрэнээччилэрин ортолоругар:
I үрдэл – Федорова Василина, С. Дадаскинов аат. Кырыкый сүрүн оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ;
II үрдэл – Лепчиков Саша, Өргүөт орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ;
III үрдэл – Васильев Вася, С. Дадаскинов аат. Кырыкый сүрүн оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.




