МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

2025 сыл устата ыытыллар “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕабыт” литературнай күрэх алтынньытааҕы сорудаҕынан 1939 сылтан ССРС Суруйааччыларын союhун чилиэнэ, биллиилээх прозаик Никифор Кирикович Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап кэпсээнэ “Ой-Бэс” кэпсээн буолла.

Хоруйдары алтынньы 31 күнүгэр диэри 89141103234 (ватсап) ыытаҕыт. Ыйдааҕы түмүк сэтинньи 5 күнүгэр, онтон саҥа тургутук сэтинньи 10 күнүгэр тахсыахтара.

7 тургутук: “Ой-Бэс” Н.К.Седалищев-Дьүөгэ Аанысттыырап

Күрэххэ олорор сириттэн тутулуга суох ханнык  баҕарар дьиэ кэргэн (оҕолоро үөрэнэр да, үлэһит да буолуохтарын  сөп), эбээлэр, эһээлэр да кыттыахтарын сеп. Күрэххэ кыттар дьиэ кэргэн ааттара-суоллара, саастара, олорор нэһиэлэктэрэ, оҕолор үөрэнэр оскуолалара, кылаастара толору ыйыллар уонна биир конт.нүөмэр (ватсапка бөлөх арыллар)

Холобур: Ивановтар Үөһээ Бүлүү нэһ., Петр Андреевич – аҕа, Надежда Ивановна – ийэ, Лидия Николаевна – эбээ, Андрей 8 саастаах, П.Н.Тобуруокап аат. Нам орто оскуолатын 2 кыл., Надя 17 саастаах, М.А.Алексеев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интернат, 11 кыл. 8914***

Күрэх ыйытыктара уонна ыйдааҕы түмүк сыл устата Үөһээ Бүлүүтээҕи  оҕо библиотекатын сайтыгар тиһигин быспакка ый аайы тахсар. Ахсынньы ыйга уопсай түмүк биллэриллэр.

Оҕо библиотекатын сайта: db.vvlibr.ru   

Күндү ааҕааччыларбыт! Ийэ тылбытынан  ааҕан, төрөөбүт тылбыт баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин төгүрүк сылы быһа эппитигэр-хааммытыгар иҥэриэхпит, тылбыт саппааһын хаҥатыахпыт, элбэҕи билиэхпит-көрүөхпүт. Ылсыбыккытын ыһыктыбакка 12 ый бииргэ буолуохха!