Оҕо библиотеката 2016 сылтан уһуйаан иитиллээччилэригэр хоһоон түһүлгэлэрин тэрийэн ыытар. Ол курдук:
- 2016 с. поэт Петр Одорусов 85 сааһын көрсө “Ырыа –хоһоон биһигэ”,
- 2017 с. народнай суруйааччы Петр Тобуруокап 100 сааһыгар “Күнү көрсөр чыычаахтар”,
- 2019 с. оҕо суруйааччыта Иван Мигалкин 65 сааһыгар “Алыптаах дойдуга”,
- 2020с. Константин Туйаарыскай 105 сылын көрсө “Току-току, ньээм-ньээм”,
- 2021 с. Петр Одорусов 90 сааһыгар “Оҕо-аймах биһигэ”,
- 2022с. Семен Данилов 105 сылыгар “Күн күлэр”,
- 2023 с. Татьяна Винокурова-Сабыйа 75 сааһыгар “Күннээх саас” диэн хоһоон түһүлгэлэрэ буолан ааспыттара.
- Бу тэрээһиннэргэ барытыгар бөһүөлэк иһинээҕи оҕо уһуйааннара тиһигин быспакка көхтөөхтүк кыттан, үтүө үгэскэ кубулуйда.
Быйыл, 2024 с. хоһоон түһүлгэтэ оҕо суруйааччыта Константин Ильич Сосин үбүлүөйдээх 80 сылын көрсө, поэт хоһоонноругар ананар.
- Муус устар 22-25 кк. уһуйааннары кэрийэн оҕолору истиэхпит, устуохпут, талыахпыт.
- Ыам ыйыгар талыллыбыт кыттааччылары улахан түһүлгэҕэ күүтэбит.
Сиһилии билсиҥ БАЛАҺЫАННЬА “МЭНИК МЭЭЧИК”
К.И.Сосин оҕолорго аналлаах электроннай кинигэлэрин Мэҥэ Хаҥалас электроннай библиотекатыттан көрүөххэ сөп
