Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката сылы быһа ыытар “Дьиэкэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” күрэх тохсус түһүмэҕэ түмүктэннэ. Саха АССР үтүөлээх учуутала, 1941-45сс. Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, Кыһыл сулус орден кавалера Михаил Трофимович Заболоцкай “Маллар мунньахтара” кэпсээнэ тохсус тургутуу буолла.
1. Александровтар (Үөь.Б.)16 б.
2. Кобяковтар (Үөь.Б) 15, 5 б.
3. Степановтар (Үөь.Б.) 15, 5 б.
4. Игнатьевтар (Нам) 15, 5 б.
5. Васильевтар (Нам) 16 б.
6. Обоевтар (Нам) 16 б.
7. Лаврентьевтар (Нам) 16 б.
8. Николаевтар (Виолетта) (Нам) 16 б.
9. Николаевтар (Лина)(Нам) 16 б.
10. Семеновтар (Далыр) 16 б
11. Егоровтар ( Далыр) 15, 5 б
12. Даниловтар (Далыр) 15, 5 б
13. Ивановтар (Далыр) 15, 5 б
14. Шадриннар (Ньурба куорат) 15, 5 б
15. Яковлевтар (Ньурба улууьа, Хатыы нэь.) 16 б
16. Васильевтар (Ньурба улууьа, Хатыы нэь.) 16 б
17. Платоновтар ( Нам) 16 б
Күндү ааҕааччыларбыт, викторина кыттыылаахтара!
Эһигини тохсус тургутууну ситиһиилээхтик ааспыккытынан эҕэрдэлиибит! Төрөөбүт тылбыт баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин төгүрүк сылы быһа эппитигэр-хааммытыгар иҥэриэхпит, тылбыт саппааһын хаҥатыахпыт, элбэҕи билиэхпит. Ылсыбыккытын ыһыктыбакка 12 ый ийэ тылбытынан ааҕан, элбэҕи билэн-көрөн ахсынньы ыйга дылы бииргэ буолуохха!!!