МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Күндү ааҕааччыларбыт, викторина кыттыылаахтара!
Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката сылы быһа ыытар “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” күрэх тохсунньу ыйдааҕы түһүмэҕинэн CP үөрэҕириитин туйгуна, РФ,  СР Суруналыыстарын  coйууһун  чилиэнэ Шамаева Октябрина Михайловна-Чэлгийэ “Андаҕар” кэпсээнэ буолла.

Хоруйдары олунньу ый 28 күнүгэр диэри 89141103234 (ватсап) ыытаҕыт. Ыйдааҕы түмүк кулун тутар 5 күнүгэр, онтон саҥа тургутук кулун тутар 10 күнүгэр оҕо библиотекатын сайтыгар тахсыахтара.

2 тургутук: “Андаҕар” Октябрина Шамаева-Чэлгийэ

Күрэххэ олорор сириттэн тутулуга суох ханнык  баҕарар дьиэ кэргэн (оҕолоро үөрэнэр да, үлэһит да буолуохтарын  сөп), эбээлэр, эһээлэр да кыттыахтарын сеп. Күрэххэ кыттар дьиэ кэргэн ааттара-суоллара, саастара, олорор нэһиэлэктэрэ, оҕолор үөрэнэр оскуолалара, кылаастара толору ыйыллар уонна биир конт.нүөмэр (ватсапка бөлөх арыллар)

Холобур: Ивановтар Үөһээ Бүлүү нэһ., Петр Андреевич – аҕа, Надежда Ивановна – ийэ, Лидия Николаевна – эбээ, Андрей 8 саастаах, П.Н.Тобуруокап аат. Нам орто оскуолатын 2 кыл., Надя 17 саастаах, М.А.Алексеев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интернат, 11 кыл. 8914***

Күрэх ыйытыктара уонна ыйдааҕы түмүк сыл устата Үөһээ Бүлүүтээҕи  оҕо библиотекатын сайтыгар тиһигин быспакка ый аайы тахсар. Ахсынньы ыйга уопсай түмүк биллэриллэр.

Оҕо библиотекатын сайта: db.vvlibr.ru   

Күндү ааҕааччыларбыт! Ийэ тылбытынан  ааҕан, төрөөбүт тылбыт баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин төгүрүк сылы быһа эппитигэр-хааммытыгар иҥэриэхпит, тылбыт саппааһын хаҥатыахпыт, элбэҕи билиэхпит-көрүөхпүт. Ылсыбыккытын ыһыктыбакка 12 ый бииргэ буолуохха!

Ааҕар киһи – билиилээх,
Билиилээх киһи – сайдыылаах,
Сайдыылаах киһи – ситиһиилээх!