МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Бу күннэргэ Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, суруйааччы, поэт, драматург Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүтэ 140 сылын бэлиэтээһин иитинэн, Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката оскуола оҕолоругар аналлаах “Алампаны ааҕан аас” дорҕоонноох ааҕыы акциятын ыытта.

Бу улахан тэрээһиҥҥэ И.Н.Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи №1 орто оскуола (библиотекарь Спиридонова В.С.), М.Т.Егоров аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи №2 орто оскуола (библиотекарь Шонг М.К.), Ю.Н.Прокопьев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай орто сокула (библиотекарь Жендринская С.А.), Д.С.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүү улуустааҕы гимназия (библиотекарь Александрова Р.В.) уонна М.А.Алексеев аатынан республиканскай лицей-интернат (библиотекарь Иванова М.В.) үөрэнээччилэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. 120 үөрэнээччи уонна 4 учуутал. Акция сүрүн сыала-соруга — саха норуотун духовнай баайын, Алампа айымньыларын ааҕыы, кинигэҕэ тапталы иитии уонна төрөөбүт литератураны билиһиннэрии.

Нэдиэлэ устата оскуола оҕолоро саха литературатын төрүттээччи хоһооннорун дорҕоонноохтук аахтылар. Алампа айымньылара төрөөбүт тылларын барҕа баайын сыаналыырга, тыл кэрэтигэр умсугутар, ону таһынан куhаҕантан сэрэтэллэр, элбэҕи толкуйдаталлар, олоҕу сыаналыырга үөрэтэллэр, төрөөбүт дойдуну таптыырга иитэллэр.

Маннык акциялар оҕоҕо кинигэ ааҕыытын таһымын үрдэтэргэ, тылы сайыннарарга уонна патриотическай иитиигэ улахан суолталаахтар. Үөһээ Бүлүү оҕо библиотеката инникитин даҕаны саха суруйааччыларын айымньыларын пропагандалыыр, дорҕоонноох ааҕыыны тэрийэр үлэтин салҕыа.

Бу акция ыытылларыгар күүс-көмө буолбут оскуола библиотекардарыгар Вера Степановнаҕа. Мила Ким, Сардана Анатольевнаҕа, Розалия Васильевнаҕа уонна Мария Васильевнаҕа махталбытын тиэрдэбит!