Үөһээ Бүлүү улууһа — Бүлүү өрүс сүнньүгэр сытар нэһилиэктэрдээх, тайаан сытар сиринэн атын улуустарга тэҥнээтэххэ кыра гынан баран Саха Сиригэр суолталаах улуус. Киинэ — Үөһээ Бүлүү с. Билиҥҥи кыраныыссатынан 1935 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр Булуу улууһуттан араарыллан төрүттэммит. Биһиги улууспутуттан элбэх культура, наука, политика, спорт уонна уопсастыба үлэһиттэрэ тахсыбыттара.
Норуот сүрэҕэр кэриэс буолан хаалыы – бу саамай уһунтан уһун, өлбөт үйэ буолуохтаах.
Суорун Омоллоон
Улуу суруйааччы эппитинии өлбөт үйэлэнии-норуокка туҺалааҕы оҥорон, норуот өйүгэр-санаатыгар үйэлэргэ хаалан, кэлэр көлүөнэ ыччакка холобур буолуу буолар. Кэм-кэрдии ааҺар. Ол эрээри бу дьон ааттара, норуокка оҥорбут үтүөлэрэ хаьан да умнуллубат Кинилэр ааттарын төрөөбүт түөлбэлэрин оскуолалара, музейдара уо д.а. чиэстээхтик сүгэллэр.