“Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” Ахсынньы ыйынааҕы сорудаҕынан Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, классик суруйааччы Анемподист Иванович Софронов-Алампа “Сүллүүкүн кэпсээнэ” буолла.
Хоруйдары Ахсынньы ыйын 19 күнүгэр диэри 89141103234 (ватсап) ыытаҕыт.
Ыйдааҕы түмүк Ахсынньы 20 күнүгэр,
Онтон сыллааҕы түмүк Ахсынньы ыйын 24 күнүгэр тахсыахтара.
12 тургутук: А.И.Софронов-Алампа “Сүллүүкүн кэпсээнэ”
Күрэххэ кыттар дьиэ кэргэн ааттара-суоллара, саастара, ахсааннара, олорор нэһиэлэктэрэ, оҕолор үөрэнэр оскуолалара, кылаастара толору ыйыллар уонна биир конт.нүөмэр (ватсапка бөлөх арыллар)
Холобур: Ивановтар Үөһээ Бүлүү нэһ., Иван Иванович – аҕа, Мария Петровна – ийэ, Ульяна Михайловна – эбээ, Ваня 8 саастаах, Ввсош #2 им.М.Т.Егорова, 2 кыл., Надя 13 саастаах, Вврли М.А.Алексеева, 7 кыл. 8914***
Бары кыттааччыларга ситиһиини, биһигинниин бииргэ буолуҥ!
Ааҕар киһи – билиилээх,
Билиилээх киһи – сайдыылаах,
Сайдыылаах киһи – ситиһиилээх!