МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката быйыл бэһис төгүлүн ырыа-хоһоон түһүлгэтин тэрийэн ыытта. Уһуйаан иитиллээччилэригэр үбүлүөйдээх оҕо суруйааччыларыгар аналлаах ааҕыы түһүлгэтин тэрийэн ыытыы үтүө үгэскэ кубулуйда. Маҥнайгы түһүлгэ 2016 с. Петр Одорусов 85 сааһыгар буолбута.  2017 с. норуодунай суруйааччы Петр Тобуруокап 100 сааһыгар “Күнү көрсөр чыычаахтар”, 2019 с. норуодунай суруйааччы Иван Мигалкин хоһооннорунан “Алыптаах дойдуга”, 2020 с. оҕо суруйааччыта Константин Туйаарыскайга “Току-току, ньээм-ньээм”. Сылын аайы тиһигин быспакка кырачааннарга хоһоон түһүлгэлэрэ ыытылла тураллар.

Быйыл, 2021 с. тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана, методист-учуутал, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, Саха республикатын үтүөлээх учуутала, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина, национальнай «Барҕарыы» фонда лауреата, Саха Республикатын суруйааччыларын союһун чилиэнэ П.П. Одорусов 90 сааьын республика буттуун бэлиэтээн, араас курэхтэри, хоьоон ааҕыылары ыытта. 

Биир дойдулаахпыт поэт Петр Одорусов оҕолорго анаан суруйбут хоһоонноро баһаам элбэх. Угус хоһоонноро ыллам ырыа буолан уостан түспэт. Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката быйыл 3-4 саастаах кырачааннарга “Оҕо-аймах биһигэ” диэн ырыа-хоһоон түһүлгэтин куйаар ситимин нөҥүө көхтөөхтүк тэрийэн ыытта.  Түһүлгэ сыала-соруга:  – П. П. Одорусов аатын үйэтитии, кини олоҕун, айымньыларын оҕо-аймахха билиһиннэрии; – оҕо тылын сайыннарыы, байытыы, дьон иннигэр иҥнигэһэ суох саҥарарын ситиһии.

Барыта 45 ааҕааччы кыттыыны ылла. “Куобахчааннар”, “Маай күн”, “Эргийэбин сир шарын”, “Мин ийэм мичээрэ”, “Саас”, “Куукула”, “Тииҥ”, “Төрдүн ууһун билбэт киһи”, “Эбээ”, “Бөрө”, “Сахалыы саҥарабыт”, “Күн таҕыста”, “Бырааһынньык”, “Күндүттэн күндү”, “Тыыннаахтар умнубат сыллара, “Үлэлиир үчүгэй”, “Котофей”, “Көмүс күн”, “Сүрэххэ мэлдьитин тыыннаахтар”, “Куобах”, “Саһыл”, “Эһэ” уо.д.а. Петр Одорусов оҕо-аймахха хаалларбыт хомоҕой хоһоонноро, ырыалара кэрэҕэ-сырдыкка угуйу турар.

Манан даҕатан кыттыыны ылбыт уһуйаан иитээччилэригэр: Павлова М.В., Николаева В.И., Яковлева Л.М., Иннокентьева М.Г., Павлова А.Х., Васильева Г.С. (МБДОУ ЦРР-детский сад №1 “Ньургуһун”), Тимофеева А.Н, Тобохова С.В., Николаева Л.Б. (МБДОУ ЦРР-детский сад-3 “Үрүйэчээн”), Степанова Н.А., Васильева А.М., Ильина Е.А., Иванова А.Л., Семенова М.В. (МБДОУ детский сад-4 “Сардана”), Ким В.В., Огочонова Х.Г. (МБДОУ ЦРР-детский сад-5 “Кэнчээри”) махталбытын тиэрдэбит. 

Түмүккэ, биир дойдулаахпыт, суруйааччы Петр Поликарпович Одорусов 90 сааһыгар аналлаах оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго “Оҕо-аймах биһигэ” ырыа-хоһоон түһүлгэтин күрэҕэр кыттыны ылбыт кырачааннарга Кыайыылаах аата иҥэрилиннэ. 

Айылҕаттан бэриллибит талааннаах биир дойдулаахпыт, Петр Одорусов  билигин эт бэйэтэ суох да буоллар, өйө-санаата тарҕанар, ырыата-тойуга ылланан дьон сүрэҕин долгутар, оҕо-аймаҕы үөрдэр-көтүтэр, кэрэ кэскилгэ эрэли саҕар.