Олунньу 24 күнүгэр ҮөҺээ Бүлүүтээҕи Исидор Барахов аатынан орто оскуола 2 а кылааҺын үөрэнээччилэрэ кылаас салайааччыларын Чуручанова Н.В. уонна төрөппуту кытта оҕо библиотекатыгар кэлэн “Мин дойдум -Олоҥхо дойдута” диэн слайд көрөн, бэсиэдэ истэн, викториналаан, саҥа сурунааллары көрөн үөрэн-көтөн, өссө кэлиэх буолан бардылар. Түмүккэ Наталья Васильевна “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхотун быҺа тардан иҺитиннэрдэ. Дьэ, чахчы да сахабыт тыла бараммат баайын, тыла эгэлгэтин бу олоҥхоҕо иҺиттибит.