Тимофей Егорович айымньылара оҕо-аймаҕы элбэххэ үөрэтэллэр, иитэллэр. Кини суруйан хаалларбыт остуоруйалара, хоьоонноро, кэпсээннэрэ о5о-айма5ы умсугуталлар, ис хоьооннорунан, ча5ылхай геройдарынан кэрэхсэтэллэр. “Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ” улаханныын-кыралын сөбүлээн ааҕар айымньыта. Бу айымньыга уол оҕо төрүт дьарыга буолбут бултааһын туһунан кэпсэнэр. Хас биирдии кэпсээн олох дьиҥ көстүүтүн, саха киһитин айылҕалыын алтыһыытын кэрэһитэ буолар. Бу кэпсээннэр бары Мэхээлэчээн курдук булчуттар олохторугар умсугуталлар, айылҕа сокуоннарын кытта киирсиилэригэр, кыайыыларыгар уонна хомолтолоругар кыттыһыннараллар.
- «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» сэһэнэ 1943 с. кинигэ буолан тахсыбыта.
- 1961 с. кинигэ иккиһин бэчээттэммитэ. Манна кырдьаҕас булчут оҕо эрдэҕинээҕи көрүдьүөстээх сырыыларын туһунан кэпсээннэрин аатырбыт худуоһунньук Ефим Шапошников умнуллубаттык ойуулаабыта.
- 2025 сыллаахха «Кэскил» оҕо издательствота уонна «Сахапечать» медиакомпания «Мэхээлэчээн булчут» («Байки охотника Мэхээлэ») икки тылынан: нууччалыы уонна сахалыы комикс таһаарбыттара.
- 2026 кулун тутар 19 күнүгэр улахан экраҥҥа киинэ буолан тахсаары турар. Режиссер Александр Лукин хартыыната Тимофей Сметанин уонна Яков Стручков таптыыр оҕо кэпсээннэригэр олоҕурар.

И.Н.Барахов аатынан 1№-х орто оскуола 4 “а” кыл. (Сантаева Надежда Ивановна) уонна 4 “в” кыл. (Васильева Наталья Матвеевна) үөрэнээччилэрэ суруйааччы Тимофей Сметанин олоҕун, айар үлэтин туһунан уонна “Куһу ураҕаһынан да бултуурбут”, “Сатаатахха – хонууга да күөгүлүөххэ сөп” кэпсээннэрин болҕойон олорон иһиттилэр. Комикс тахсыбытын истэн наһаа үөрдүлэр, онтон өссө киинэ көстөөрү турарын саҥа библлилэр уонна кылааһынан баран көрүөхпүт дэстилэр.
Бэйиэт, прозаик, драматург, публицист
Сметанин Тимофей Егорович 1919 с. сэтинньи 25 күнүгэр Кэбээйигэ Кэнэни диэн улахан күөл таhыгар Маҥан Кэрэх диэн сиргэ Егор, Анастасия Cметаниннар диэн 4 оҕолоох дьадаҥы дьиэ – кэргэҥҥэ иккис уол оҕонон төрөөбүтэ. Оскуолаҕа хойутаан, төрөппүттэриттэн көҥүлэ суох, 11 сааһыгар 1930 с., үөрэх дьыла бүтэрэ чугаһаабытын кэннэ киирбит. 1933 с. ситиһиилээхтик төрдүһү бүтэрбит. 13 сааһыгар Калинин аатынан холкуос көмөлөһөөччү суотчутуннан анаммыт. Онтон Намҥа киирэн, суотчут кууруһун бүтэрэн, 1934 с. олунньуттан холкуоһугар суотчут буолбут. 1940 сыллаахха Дьокуускайдааҕы потребкооперация техникумун бүтэрбитэ.
Армияҕа 1942 сыллаахха ыҥырыллан, 284 минометнай полкаҕа сулууспалаабыт, старшай телефонист. Орловскай-Курскай туһаайыыга, Хотугулуу-Арҕааҥҥы 2-с Прибалтийскай фроннарга буолбут кыргыһыыларга кыттыыны ылбыта. Үчүгэйдик уруһуйдуурун иһин разведкаҕа эмиэ ыыталлар. Сэриигэ ыараханнык бааhыран, 1944 с. эргиллэн кэлбитэ. Бойобуой сорудахтары толорууга «Хорсунун иhин» уонна «Бойобуой үтүөлэрин иhин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Фронтовик-суруйааччы 1946 сыллаахха ССРС Суруйааччыларын союhун чилиэнинэн ылыллыбыта. Дьокуускайдааҕы педагогическай институт устудьуона этэ. Олоҕун тиhэх сылларыгар, билиҥҥинэн Хаҥалас улууhугар, Покровскайга оройуон хаһыатын редакциятыгар үлэлээбитэ.
Тимофей Егорович сэрииттэн ылбыт бааhа аhыллан, баара-суоҕа 28 эрэ сааһыгар, 1947 сыл атырдьах ыйын 4 күнүгэр олохтон туораабыта. Кини хаалларбыт баай литературнай нэhилиэстибэтэ yhyн үйэлэннэ.