Ыам ыйын 19 күнүгэр Саха народнай суруйааччыта Семен Данилов 105 сааһын көрсө Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатыгар “Күн күлэр” диэн оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго хоһоон түһүлгэтэ буолан ааста. Бу иннинэ, ый саҕаланыыта, суруйааччы хоһооннорун доргуччу ааҕыыга көрүү-истии буолта. Ол түмүгүнэн улуус иһинээҕи аҕыс уһуйаантан барыта 112 оҕо хоһоон аахта. Онтон талыллан 18 нүөмэр хоһоон түһүлгэтигэр кытынна. Кырачаан ааҕааччылар хоп курдук оҥостон кэлэн, дьоһуннаахтык доргуччу аахтылар. Түмүккэ суруйааччы төрөөбүт күнүн бэлиэтээн, пирожнай чүмэчитин уотун бары тэҥҥэ умуруоран, минньигэстик сиэн, бары дипломнаах, призтаах тарҕастылар.
Бу маннык хоһоон түһүлгэлэрин оҕо библиотеката 2016 сылтан ыытан кэллэ. Ол курдук, 2016 с. поэт Петр Одорусов 85 сааһын көрсө “Ырыа –хоһоон биһигэ”, 2017 с. народнай суруйааччы Петр Тобуруокап 100 сааһыгар “Күнү көрсөр чыычаахтар”, 2019 с. оҕо суруйааччыта Иван Мигалкин 65 сааһыгар “Алыптаах дойдуга”, 2020с. Константин Туйаарыскай 105 сылын көрсө “Току-току, ньээм-ньээм”, 2021 с. Петр Одорусов 90 сааһыгар “Оҕо-аймах биһигэ”, 2022с. Семен Данилов 105 сылыгар “Күн күлэр” диэн хоһоон түһүлгэлэрэ буолан ааспыттара. Бу тэрээһиннэргэ барытыгар бөһүөлэк иһинээҕи оҕо уһуйааннара тиһигин быспакка көхтөөхтүк кыттан, үтүө традицияҕа кубулуйда.
Түгэнинэн туһанан “Ньургуһун”, “Теремок”, “Үрүйэчээн”, “Сардаана”, “Кэнчээри”, “Солнышко”, “Сказка” уонна “Аленушка” уһуйаан иитээччилэригэр махтал тылбытын, үтүө санаабытын тиэрдэбит. Инникитин да кырачааннарбыт үүнэллэригэр-сайдалларыгар биир ситим буолан, үөрэх-билии аартыгар чиҥник үктэнэллэригэр бииргэ үлэлиэхпит-хамсыахпыт диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
“Семен Данилов оҕо сааһа”
“Күн күлэр” хоһоон түһүлгэтэ