Күндү ааҕааччыларбыт, викторина кыттыылаахтара!
Эһигини уон иккис тургутууну ситиһиилээхтик ааспыккытынан эҕэрдэлиибит! Төрөөбүт тылбыт баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин төгүрүк сылы быһа эппитигэр-хааммытыгар иҥэриннэхпит, тылбыт саппааһын хаҥаттахпыт буоллун!
Бу 12 ыйы быһа бииргэ буоллубут, элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Сыллааҕы түмүгүнэн, бааллар тэҥнэһэн, элбэх дьиэ кэргэн миэстэлэстэ.
Анал ааттар хаһаайыннара буоллулар:
“Кэскиллээх дьиэ кэргэн” Людмила Александровна, Эрсан, Кэрэли Даниловтар (Үөһ.Б. улууһа, Далыр нэһ.),
“Дьулуурдаах дьиэ кэргэн” Дмитрий Дмитриевич, Анджелла Сергеевна, Родион, Алиса Егоровтар (Үөһ.Б. улууһа, Далыр нэһ.),
“Дьүккүөрдээх дьиэ кэргэн” Вера Саввична эбээ, Сайнаара Ивановтар (Үөһ. Б. улууһа, Далыр нэһ.),
“Түмсүүлээх дьиэ кэргэн” Дьулустан Владимирович, Татьяна Васильевна, Мирослав, Сандаара, Эрчим, Сааскылаана, Кэрэчээнэ, Мичил, Дьулустаан, Дариана, Өркөн, Харысхан Обоевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.),
“Көхтөөх дьиэ кэргэн” Юлия Васильевна, Виктория Шадриннар (Ньурба куората).
Үһүс миэстэҕэ Аркадий Николаевич, Кристина Тимофеевна, Эвелина, Владимир, Аэлита, Аделина Платоновтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.) уонна Афанасий Егорович, Мария Валерьевна, Эдгар, Кристина Семеновтар (Үөһ.Б. улууһа, Далыр нэһ.) дьиэ кэргэттэрэ тигистилэр.
Иккис миэстэни Иван Семенович, Сардаана Дмитриевна, София Васильевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.), Матвей Матвеевич, Екатерина Валерьевна, Карина, Милена, Ангелина Кобяковтар (Үөһ.Б.нэһ.), Александр Гаврильевич, Алена Юрьевна, Никита, Лина, Лада, Люба Николаевтар (Үөһ.Б., Харбалаах нэһ.) ыллылар.
Бастакы миэстэни үллэһиннилэр: Константин Контсантинович, Сардаана Яковлевна, Надя, Миша, Айыына Александровтар (Үөһ.Б.бөһ..), Алексей Сергеевич, Ирина Ивановна, Александр, Анатолий, Мичийээнэ, Мичийэ, Нюргуяна, Михаил Васильевтар (Ньурба улууһа, Мэҥэдьэк нэһ., Хатыы сэл.), Алексей Захарович, Лидия Семеновна, Харысхан, Дарина, Денис Игнатьевтар (Үөһ.Б. улууһа, Нам нэһ. ), Филипп Иванович, Алена Егоровна, Георгий, Света, Миша, Христина Лаврентьевтар (Үөһ.Б. улууһа, Нам нэһ.), Петр Иванович, Розалина Степановтар (Үөһ.Б. нэһ.)
Ол курдук бары ыйытыктарга сөп эппиэти биэрэн “Кылаан чыпчаал” буоллулар: Саргылана Ильинична, Виолетта, Дьулуур Николаевтар (Үөһ. Б. улууһа, Харбалаах нэһ.) уонна Иннокентий Семенович, Матрена Гаврильевна, Санаайа, Сандал, Сандаара Яковлевтар (Ньурба улууһа, Мэҥэдьэк нэһ. Хатыы сэл.)
Маны таһынан хас да дьиэ кэргэни иилээн-саҕалаан салайбыт сатабыллаах салайааччыларбытын Петрова Мария Гаврильевнаны (Үөһ.Б., Нам нэһ.), Семенова Надежда Николаевна (Үөһ. Б., Далыр нэһ.) уонна күрэххэ кыттыбыт дьиэ кэргэттэри Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотека аатыттан кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибит уонна барҕа махталбытын тиэрдэбит. Баҕарабыт эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр или-эйэни, дьолу-соргуну!!!
Бу курдук 12 ый ааҕан, ийэ тылбыт сүөгэйигэр-сүмэтигэр сөтүөлээн, кэрэтин-килбиэнин көрдөхпүт, элбэҕи биллэхпит-көрдөхпүт буолуохтун!
Күрэх кыттыылаахтара уонна салайааччылар! Грамоталары, туоһу суруктары уонна бириистэри бу ый 26-28 күннэригэр Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатыттан ыларгытын күүтэбит.


Эрсан -4 кыл, Кэрэли -3кыл









