МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката 2025 сылга  “ Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕабыт ” диэн  күрэх  салгыы үлэлиирин  биллэрэр

“Саха тыла сайдыан баҕарабын.
Сайдыа диэн эрэнэбин”
П.А.Ойуунускай

Биһиги, сахалар, былыр-былыргыттан оҕолоон-биэбэйдээн, чочуйан-тупсаран кэлбит барҕа баайбыт ийэ тылбыт буолар. Төрөөбүт тылынан саҥарар оҕо ийэ тыл илгэтин кытта олох тыынын ыймахтыыр, орто дойдуга олох олорорго күүс-уох иҥэринэр. Ийэ тыла оҕоҕо айылҕа араас кистэлэҥин ханнык да үөрэхтээх киһитээҕэр ордук толору быһаарар, дьон сэргэ сиэрин-майгытын, уопсастыба олоҕун-силигин, норуот историятын, бастыҥ баҕатын ханнык да историктааҕар ордук үчүгэйдик өйдөтөр, дириҥник арыйар.

Кэнники сылларга ийэ тылбыт эҥин эгэлгэтэ, этигэн кэрэтэ умнуллан, сүтэн симэлийэр туруктаах. Олохпут сайдар тэтимэ түргэн. Аныгы технология олохпутугар күүскэ киирдэ. Телефоннар, смартфоннар, планшеттар уо.д.а. олохпут “аргыстара” буоллулар. Төрөөбүт ийэ тылынан ааҕыы лаппа аҕыйаата.        

Ол иһин  Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката 2023 сылтан куйаар ситимин нөҥүө төгүрүк сылы быһа “Сахалыы ааҕыахха”  диэн күрэҕи  ыытан,  ааҕааччы киэҥ араҥата кыттыыны ылан, дьон сэҥээриитин ылбыта.  Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.В.Путин ыйааҕынан 2024 с. дьиэ кэргэн сылынан биллэриллэн, күрэхпит “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” диэн буолбута.

Кыттыбыт дьиэ кэргэттэр үксүлэрэ 5-6  оҕолоохторун чопчулаан бэлиэтиэххэ наада. Ону ааһан Үөһээ Бүлүү Намыттан 10 оҕолоох Обоевтар диэн эдэркээн ыал кытынна. Элбэх оҕолоох ыал көхтөөх позициялааҕа олус махталлаах суол. Бу ыаллар оҕолоругар кыра саастарыттан кинигэни сэргииргэ, сонурҕуурга үөрэтэллэр, ааҕыыны өрө туталлар. Өссө Ньурба улууһун Мэҥэдьэк нэһилиэгин Хатыы сэлиэнньэтигэр олорор төрөппүт көрүүтэ суох уонна тулаайах хаалбыт элбэх оҕолору иитэр Васильевтар приемнай дьиэ кэргэттэрэ кыттыбыттара олус үчүгэй. Төрөппүттэр бу иитэ ылбыт оҕолоро сайдалларыгар ордук болҕомто уураллара көстөр.

Кэлбит 2025 сылга  тохсунньу ыйтан  “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕабыт” күрэх салгыы үлэлиирин биллэрэбит. Бу күрэххэ олорор сириттэн тутулуга суох ханнык  баҕарар дьиэ кэргэн (оҕолоро үөрэнэр да, үлэһит да буолуохтарын  сөп), эбээлэр, эһээлэр да кыттыахтарын сеп.

Күрэх ыйытыктара уонна ыйдааҕы түмүк сыл устата Үөһээ Бүлүүтээҕи  оҕо библиотекатын сайтыгар тиһигин быспакка ый аайы тахсар. Ахсынньы ыйга уопсай түмүк биллэриллэр.

            Сыл устата кыттыбыт дьиэ кэргэттэрбит махтал тыллара

Тыый, эчи үчүгэйин. Бу сыл иһигэр элбэх сахалыы айымньы ааҕан байдыбыт, сайынныбыт, билиибит хаҥаата оҕолорбутун кытта бу омуннаах олох тэтимиттэн кыратык чуумпура түһэн, кэпсэтэн, ааҕан, бииргэ буоларбытыгар түгэн бэлэхтээбиккитигэр махтал буоллун. Библиотека үлэһиттэригэр, тэрийээччилэргэ улахан-улахан махтал буоллун. Эһиил эмиэ ыытаарыҥ, кыттыахпыт.🙌👌👍👍👍
Кыттааччылары, тэрийээччилэри кэлэн иһэр саҥа дьылынан итии-истиҥ эҕэрдэ буоллун. 🎄🎄🎄 Яковлевтар, Ньурба


Наһаа үчүгэй тэрээһин, таарыйа атын айымньылары эмиэ оҕолорбунаан аахтыбыт, билиибитин хаҥаттыбыт. Тапталлаах библиотекабыт үлэһиттэригэр барҕа махтал! 😍🎉🎉🎉 Александровтар, Үөһээ Бүлүү


Ураа! 👏👏👏Махтал! Сылы быһа, дьэ бэрткэ кыттан, түмүктээбиппитинэн барыгытар эҕэрдэ! 🙌 Игнатьевтар, Нам (Үөһээ Бүлүү)


Түмүк тахсыбытынан эҕэрдэ👏👏👏сылы быһа элбэх айымньы ааҕан билии эбиммиттэргэ,ааҕыыга угуйбут библиотека үлэһиттэригэр махталлаах ааҕааччылары🥳🎉🎊 Петрова Мария Гаврильевна, Нам (Үөһээ Бүлүү)


Барыта 11 оҕолоохпут. Оҕону иитэр дьиэ кэргэммит. Онон оҕо сайдарыгар болҕомтобутун уурабыт. Наһаа үчүгэй тэрээһини ыыппыккытыгар барҕа махтал. Биир сыл устата эппиэтинэс сүгэннэр үлэ беҕө буоллулар. Нюргуянабыт нэһилиэк библиотекатыгар бастыҥ ааҕааччы аатын ылбыта. Ааҕар киһи билиилээх диэни өрө тутабыт Васильевтар, Ньурба Хатыы сэл


Благодарю коллег Верхневилюйской детской библиотеки за интересную викторину! За два года участия в этой викторине, мы с Викторией прочитали 24 разных произведения якутских писателей. Викторина дала не только сплочение семьи, совместное времяпровождение, чтение на родном языке, а так же обучила правильному говорению, дала знания по значению слов, выражений, поговорок и пословиц. Что для нас "русскоязычных" (учащихся в русском классе) стал отличным учителем САХАЛЫЫ САҤАРАРБЫТЫГАР.
Мы говорим: "МАХТАЛ! "Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха" викторина уонна быраһаай." Это было наше последнее участие.
Коллегам желаем активных и познавательных читателей, креативных идей и проектов, здоровья, удачи и успеха! С наступающим Новым 2025 годом! Шадрины, г.Нюрба

   

Күндү ааҕааччыларбыт! Ийэ тылбытынан  ааҕан, төрөөбүт тылбыт баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин төгүрүк сылы быһа эппитигэр-хааммытыгар иҥэриэхпит, тылбыт саппааһын хаҥатыахпыт, элбэҕи билиэхпит-көрүөхпүт. Ылсыбыккытын ыһыктыбакка 12 ый бииргэ буолуохха!

Ааҕар киһи-билиилээх,
Билиилээх киһи-сайдыылаах,
Сайдыылаах киһи-ситиһиилээх!

Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката