Саха сирин уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятелин, Саха АССР-ы төрүттээччилэртэн биирдэстэрин И.Н Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах «Саха буолан сандаарбыта” улуустааҕы дорҕоонноохтук хоһоон ааҕыы күрэҕэ
Бэс ыйын 24 күнүгэр биир дойдулаахпыт Исидор Барахов 125 сылыгар аналлаах ыһыахха Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката “Саха буолан сандаарбыта” диэн хоһоон ааҕыы күрэҕин орто уонна үрдүкү сүһүөх үөрэнээччилэригэр тэрийэн ыыппыта. Үөһээ Бүлүү улууһуттан, Дьокуускай куораттан, Амма улууһун Сулҕаччытыттан барыта 28 оҕо кыттыыны ылла. Күрэх кыттааччылара Исидор Бараховка аналлаах хоһооннору долгуйан туран, дорҕоонноохтук, дуорааннаахтык ааҕан, истээччилэр сэҥээриилэрин ыллылар. Дьүүллүүр сүбэ маннык түмүгү таһаарда:
1 миэстэ- Д.С.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 4 №дээх орто оскуола 9 кылааһын үөрэнээччитэ Андреев Олег
2 миэстэ-И.Н.Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 №дээх орто оскуола 8 кылааһын үөрэнээччитэ Евсеев Игорь
3 миэстэ- Быракаан оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ Игнатьев Тимур
Бу күрэххэ кыттыбыт оҕолор бары туоһу сурук, бириис тутан үөрдүлэр. Кыайыылаахтар добун суругунан, “Мааппа” маҕаһыын сертификатынан наҕараадаланнылар.
Бу курдук саха чулуу уолугар Исидор Бараховка аналлаах “Саха буолан сандаарбыта” күрэх үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.

















