Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката куйаар ситимин нөҥүө “2022 сыл үбүлүөйдээх Саха сирин суруйааччылара” диэн төгүрүк сыл викторина ыыппыта. Бу сыл биһиги биир дойдулаахтарбыт П.Н.Тобуруокап 105, Николай Габышев 100, Семен Руфов 95, Василий Гольдеров-Ороһу уола 90 сылларын бэлиэтээтибит. Маны таһынан Өксөкүлээх Өлөксөй 145, С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин 130, Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын 120, В.М.Новиков-Күннүк Уурастыырап, С.С.Васильев-Борогонскай 115, Семен Данилов 105, Софрон Данилов 100, Моисей Ефимов 95 сылларын республика араас муннуктарыгар бэлиэтээтилэр. Кыттааччылар уон икки ыйга бу уон икки саха суруйааччыларын олохторугар, айар үлэлэригэр уонна кинилэр айымньыларыгар аналлаах, барыта холбоон 243 ыйытыкка эппиэттээтилэр. Түмүккэ саамай тулуурдаах, кыайыыга дьулуурдаах аҕыс кыттааччы биэтэккэ кэллэ.
Кылаан кыайыылааҕынан 239 бааллаах Нам нэһилиэгиттэн Петрова Мария Гаврильевна буолла.
Бастакы миэстэни Нам орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Павлова Дина (238 баал) уонна Үөһээ Бүлүүттэн Лазарева Розалия Захаровна (238 баал),
Иккис миэстэни Ньурба улууһун Күндээдэ олохтооҕо Васильева Саргылана Васильевна (236,5 баал),
Үһүс миэстэни Үөһээ Бүлүүттэн Алексеева Анисья Егоровна (233,5 баал) ыллылар.
Маны таһынан Дүллүкү орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ Захаров Замир “Саамай кыра саастаах кыттааччы” (168 баал), “Тулуурдаах кыттааччы” Дүллүкүттэн Степанова Наталия Матвеевна (196 баал) уонна Мэйик нэһилиэгиттэн Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ “Дьулуурдаах кыттааччылар” (111 баал) диэн анал аакка тигистилэр.
Бары кыттааччыларга туоһу сурук, кыайыылаахтарга, анал ааттаахтарга добун сурук уонна бириис туттарыллар.
Чахчы да тулуурдаах уонна кыайыыга дьулуурдаах бары кыттааччыларбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Кэлэр сылга саха суруйааччыларын айымньыларынан саҥа викторина эмиэ сылы быһа ыытыллара былааннанар. Бары кыттыаххыт диэн эрэнэбит. Ааьан эрэр сыл үтүө түмүктээх, үүнэр сыл инникигэ эрэллээх буоллун!
Добун суруктары, бириистэри, туоһу суруктары Ахсынньы 29 күнүгэр (эбиэт кэннэ) Оҕо библиотекатыттан ылаҕыт.
Биһиги аадырыспыт: Үөһээ Бүлүү нэһ., Бараахап аат. уул. 18 №