«Сахалыы ааҕыахха» улахан викторина Сэтинньи ыйынааҕы айымньыта Саха Республикатын народнай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон “Хараҥаҕа тыкпыт сырдык” кэпсээнэ буолла.
Хоруйдары 89141103234 (ватсап эрэ) нүөмэргэ Сэтинньи 30 күнүгэр диэри ыытаҕыт. Ыйдааҕы түмүк Ахсынньы 5 күнүгэр Оҕо библиотекатын сайтыгар бэчээттэниэ.
Уон иккис тургутук Ахсынньы 8 күнүгэр тахсар.
Бу сигэни баттаа – Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон “Хараҥаҕа тыкпыт сырдык”