МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Биир дойдулаахпыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, прозаик, драматург, очеркист Никифор Кирикович Седалищев – Дьүэгэ Ааныстыырап төрөөбүтэ 110 сааһыгар, суруйааччы олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах викторинаҕа элбэх эппиэт киирдэ. Суруйааччы үтүө аатын төрөөбүт нэҺилиэгин орто оскуолата чиэстээхтик сүгэр. Онон бу викторинаҕа Кэнтик оскуолатын үөрэнээччилэрэ активнайдык кытыннылар.

Дьүүллүүр сүбэ быҺаарыытынан:

1 миэстэни Ньурба улууҺун Күндээдэ олохтооҕо Васильева С. В. (17б), П.Н.Тобуроукап аат. Нам орто оскуолатын 5 кыл. үөрэнээччитэ Хобусарова Вера (17 б)

2 миэстэни Кырыкый нэьилиэгин оскуолатын 5 кыл.үөрэнээччилэрэ Ан Владик (16б.), Егорова Алексия(16б.), ыллылар.

3 миэстэни суруйаачччы төрөөбүт нэҺилиэгин оскуолатын үс үөрэнээччилэрэ Федорова Карина (10 кыл), Николаева Нарыйа (10 кыл.), Васильева Сааскыйа (7 кыл.)тэбис-тэҥ 15-тии баалы ылан үллэһиннилэр.

Аҕа дойду Улуу сэриитин толоонугар эдэркээн олоҕун толук уурбут биир дойдулаахпыт, суруйааччы Дьүөгэ Ааныстыырап аата-суола, айымньылаах үлэтэ хаьан да умнуллуохтара суоҕа. Кини оҕолорго анаан суруйбут айымньылара кэнэҕэски ыччаты кэрэҕэ-сырдыкка угуйа туруохтара.

Викторинаҕа кыттыбытын иһин Туоһу сурук , кыайыылаахтарга электроннай почтаннан ыытабыт