Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката сылы быһа ыытар “Дьиэкэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” күрэх ахсыс түһүмэҕэ түмүктэннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, эбээн чулуу кыыһа, суруйааччы Мария Прокопьевна Федотова-Нулгынет “Осиката” остуоруйата ахсыстургутуу буолла.
- Александровтар (Үөһ.Б., нэһ.)-17 б.
- Кобяковтар (Үөһ.Б., нэһ.)-17 б.
- Степановтар (Үөһ.Б., нэһ.)-17 б.
- Игнатьевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.)-17 б.
- Васильевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.)-16,5 б.
- Обоевтар (Үөһ.Б.,Нам)- 17 б.
- Лаврентьевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.)-17 б.
- Платоновтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.)-17 б.
- Николаевтар (Виолетта, Үөһ.Б., Харбалаах нэһ.)-17 б.
- Николаевтар (Лина, Үөһ., Харбалаах нэһ.)-17 б.
- Семеновтар (Үөһ. Б., Далыр нэһ.)-17 б.
- Шадриннар (Ньурба куората)-17 б.
- Ивановтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-17 б.
- Даниловтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-17 б.
- Егоровтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-17 б.
- Васильевтар (Ньурба, Мэҥэдьэк сэл.)-17 б.
Күндү ааҕааччыларбыт, викторина кыттыылаахтара!
Эһигини ахсыс тургутууну ситиһиилээхтик ааспыккытынан эҕэрдэлиибит! Төрөөбүт тылбыт баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин төгүрүк сылы быһа эппитигэр-хааммытыгар иҥэриэхпит, тылбыт саппааһын хаҥатыахпыт, элбэҕи билиэхпит. Ылсыбыккытын ыһыктыбакка 12 ый ийэ тылбытынан ааҕан, элбэҕи билэн-көрөн ахсынньы ыйга дылы бииргэ буолуохха!!!