Саха Сирин бастакы Президена М.Е. Николаев 1996 сыл олунньу 9 күнүнээҕи 1294 №-дээх «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан» Ыйааҕыгар олоҕуран, Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ — олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ.
Олунньу ый 13 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин Оҕо ааҕыытын киинэ Төрөөбүт тыл уонна сурук–бичик күнүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын алын уонна орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр «Бары ааҕабыт» өрөспүүбүлүкэ бибилэтиэкэлэрин бырайыак чэрчитинэн үгэскэ кубулуйбут «Таптыыр Сахам тылынан…» өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйатын быйыл ахсыс төгүлүн ыытта.
Аахсыйа сүрүн сыалынан үөрэнээччилэр саха тылыгар уонна литературатыгар билиилэрин таһымын үрдэтии, уус-ураннык уонна таба суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы буолар.
Үөһээ Бүлүү улууһа бу аахсыйаҕа сылын аайы кыттар. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх оҕо кытыыны ылла. Ол курдук, барыта 19 площадкаҕа 508 үөрэнээччи.
Муниципальнай этап кыайаалаахтара:
3-4 кылаас
1 миэстэ Эрсан Федоров, Мэйик сүрүн оскуолата, 3 кыл.
2 миэстэ Тапталина Аргунова , Өргүөт орто оскуолата, 4 «а» кыл.
3 миэстэ Нарыйаана Иванова, Мэйик сүрүн оскуолата, 3 кыл.
5-6 кылаас
1 миэстэ Ньургун Романов, Дүллүкү орто оскуолата, 5 кыл.
2 миэстэ Артем Васильев, Өргүөт орто оскуолата, 5 кыл.
3 миэстэ Николина Васильева , Өргүөт орто оскуолата, 5 «а» кыл.
7-8 кылаас
1 миэстэ Рая Федосова, Д.С.Спиридонов аат. Үөһээ Бүлүү 4 № орто оскуолата, 7 «б» кыл.
2 миэстэ Айтал Донской, Туобуйа орто оскуолата, 8 кыл.
3 миэстэ Илена Кузьмина, Н.Г.Золотарев-Якутскай аатынан Хаpбалаах орто оскуолата, 8 кыл.
Бары кыттыбыт оҕолорго уонна салайааччыларга улахан махталбытын тиэрдэбит!