Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката сылы быһа ыытар “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” күрэх үһүс түһүмэҕэ түмүктэннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат “Тулаайах хаас уонна оҕо саас” кэпсээнэ үһүс тургутуу буолла.
- Александровтар (Үөһ.Б., нэһ.)-16 б.
- Кобяковтар (Үөһ.Б. нэһ.)-16 б.
- Степановтар (Үөһ.Б. нэһ.)-16 б.
- Игнатьевтар (Үөһ.Б. Нам нэһ.)-16 б.
- Васильевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.)-15 б.
- Обоевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.)-13 б.
- Лаврентьевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.)-16 б.
- Николаевтар (Виолетта, Үөһ.Б. Харбалаах нэһ.)-16 б.
- Николаевтар (Лина, Үөһ.Б. Харбалаах нэһ.)-15 б.
- Петровтар (Үөһ.Б.,Кэнтик нэһ.)- 16 б.
- Семеновтар (Үөһ. Б., Далыр нэһ.)-16 б.
- Сабаровтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-15 б.
- Егоровтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-15 б.
- Даниловтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-15 б.
- Ивановтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.)-15 б.
- Аммосовтар (Ньурба, Хаты нэһ.)-16 б.
- Яковлевтар (Ньурба, Хаты нэһ.)-16 б.
- Васильевтар (Ньурба, Хаты нэһ.)-16 б.
- Платоновтар (Үөһ.Б.Нам)-16
- Пактар (Үөһ.Б., Кэнтик нэһ.)-14 б.
Күндү ааҕааччыларбыт, викторина кыттыылаахтара!
Эһигини үһүс тургутууну ситиһиилээхтик ааспыккытынан эҕэрдэлиибит! Төрөөбүт тылбыт баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин төгүрүк сылы быһа эппитигэр-хааммытыгар иҥэриэхпит, тылбыт саппааһын хаҥатыахпыт, элбэҕи билиэхпит. Ылсыбыккытын ыһыктыбакка 12 ый ийэ тылбытынан ааҕан, элбэҕи билэн-көрөн ахсынньы ыйга дылы бииргэ буолуохха!!!