Кулун тутар 20 күнүгэр, Саха республикатын народнай поэта Семен Данилов төрөөбүтэ 105 сылын бэлиэтээтибит.
Быйылгы «2022 сыл үбүлөүйдээх Саха суруйааччылара» улахан викторинабыт бэһис түһүмэҕэр С.П.Данилов олоҕо, айар үлэтэ, айымньылара киирдилэр.
Хоруйдары 89141103234 (ватсап эрэ) нүөмэргэ Ыам ыйын 31 күнүгэр диэри ыытаҕыт.
Ыйдааҕы түмүк Бэс ыйын 6 күнүгэр Оҕо библиотекатын сайтыгар тахсар.
Алтыс викторина Бэс ыйын 10 күнүгэр оҕо библиотекатын сайтыгар бэчээттэниэ.
Бу сигэни баттаа — Семен Петрович Данилов
Кыттааччы анкетата
- Кыттааччы толору аата
- Туолбут сааһа
- Олорор нэһилиэгэ, улууһа
- Телефон