МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

“Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” Кулун тутар ыйынааҕы сорудаҕынан поэт, суруйааччы, литератураны ырытааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат “Тулаайах хаас уонна оҕо саас” кэпсээнэ буолла.

Хоруйдары Кулун тутар 31 күнүгэр диэри 89141103234 (ватсап) ыытаҕыт. Ыйдааҕы түмүк Муус устар 5 күнүгэр, төрдүс викторина Муус устар 10 күнүгэр тахсыахтара.

3 Тургутук: Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат “Тулаайах хаас уонна оҕо саас”

Күрэххэ кыттар дьиэ кэргэн ааттара-суоллара, саастара, ахсааннара, олорор нэһиэлэктэрэ, оҕолор үөрэнэр оскуолалара, кылаастара толору ыйыллар уонна биир конт.нүөмэр (ватсапка бөлөх арыллар)

Холобур: Ивановтар Үөһээ Бүлүү нэһ., Иван Иванович – аҕа, Мария Петровна – ийэ, Ульяна Михайловна – эбээ, Ваня 8 саастаах, Ввсош #2 им.М.Т.Егорова, 2 кыл., Надя 13 саастаах, Вврли М.А.Алексеева, 7 кыл. 8914***

Уопсай түмүк сыл бүтүүтэ, ахсынньыга буолар, 12 тургутук түмүгүнэн.

Бары кыттааччыларга ситиһиини, биһигинниин бииргэ буолуҥ!

Ааҕар киһи – билиилээх,
Билиилээх киһи – сайдыылаах,
Сайдыылаах киһи – ситиһиилээх!