“Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” Ыам ыйынааҕы сорудаҕынан Саха народнай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов “Сахалыы саҥарар иһин” кэпсээнэ буолла.
Хоруйдары Ыам ыйын 31 күнүгэр диэри 89141103234 (ватсап) ыытаҕыт. Ыйдааҕы түмүк Бэс ыйын 5 күнүгэр, алтыс викторина Бэс ыйын 10 күнүгэр тахсыахтара.
5 тургутук Софрон Данилов “Сахалыы саҥарар иһин”
Күрэххэ кыттар дьиэ кэргэн ааттара-суоллара, саастара, ахсааннара, олорор нэһиэлэктэрэ, оҕолор үөрэнэр оскуолалара, кылаастара толору ыйыллар уонна биир конт.нүөмэр (ватсапка бөлөх арыллар)
Холобур: Ивановтар Үөһээ Бүлүү нэһ., Иван Иванович – аҕа, Мария Петровна – ийэ, Ульяна Михайловна – эбээ, Ваня 8 саастаах, Ввсош #2 им.М.Т.Егорова, 2 кыл., Надя 13 саастаах, Вврли М.А.Алексеева, 7 кыл. 8914***
Уопсай түмүк сыл бүтүүтэ, ахсынньыга буолар, 12 тургутук түмүгүнэн.
Бары кыттааччыларга ситиһиини, биһигинниин бииргэ буолуҥ!
Ааҕар киһи – билиилээх,
Билиилээх киһи – сайдыылаах,
Сайдыылаах киһи – ситиһиилээх!