Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката сылы быһа ыытар “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” күрэх сэттис түһүмэҕэ түмүктэннэ. Саха биллиилээх прозаига, драматург Афанасий Игнатьевич Федоров “Булт” кэпсээнэ сэттис тургутуу буолла.
- Александровтар (Үөһ.Б., нэһ.) – 18 б.
- Кобяковтар (Үөһ.Б., нэһ.) – 18 б.
- Степановтар (Үөһ.Б. нэһ.) – 18 б.
- Игнатьевтар (Үөһ.Б. Нам нэһ.) – 18 б.
- Лаврентьевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.) – 18 б.
- Николаевтар (Виолетта, Үөһ.Б. Харбалаах нэһ.) – 18 б.
- Николаевтар (Лина, Үөһ. Харбалаах нэһ.) – 18 б.
- Семеновтар (Үөһ. Б., Далыр нэһ.) – 18 б.
- Егоровтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.) – 18 б.
- Шадриннар (Ньурба куората) – 18 б.
- Ивановтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.) – 18 б.
- Даниловтар (Үөһ.Б., Далыр нэһ.) – 18 б.
- Васильевтар (Ньурба, Мэҥэдьэк сэл.) – 18 б.
- Обоевтар (Үөһ.Б., Нам нэһ.) – 18 б.
- Яковлевтар (Ньурба, Мэҥэдьэк нэһ.) – 18 б.
Күндү ааҕааччыларбыт, викторина кыттыылаахтара!
Эһигини сэттис тургутууну ситиһиилээхтик ааспыккытынан эҕэрдэлиибит! Төрөөбүт тылбыт баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин төгүрүк сылы быһа эппитигэр-хааммытыгар иҥэриэхпит, тылбыт саппааһын хаҥатыахпыт, элбэҕи билиэхпит. Ылсыбыккытын ыһыктыбакка 12 ый ийэ тылбытынан ааҕан, элбэҕи билэн-көрөн ахсынньы ыйга дылы бииргэ буолуохха!!!