2025 сыл устата ыытыллар “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕабыт” литературнай күрэх муус устардааҕы сорудаҕынан эдэр суруйааччы Семен Маисов “Аҕа” диэн ахтыы-сэһэнтэн быһа тардыы буолла.
Хоруйдары муус устар 30 күнүгэр диэри 89141103234 (ватсап) ыытаҕыт. Ыйдааҕы түмүк ыам ыйын 5 күнүгэр, онтон саҥа тургутук ыам ыйын 10 күнүгэр тахсыахтара.
4 тургутук: Семен Маисов “Аҕа”
Күрэххэ олорор сириттэн тутулуга суох ханнык баҕарар дьиэ кэргэн (оҕолоро үөрэнэр да, үлэһит да буолуохтарын сөп), эбээлэр, эһээлэр да кыттыахтарын сеп. Күрэххэ кыттар дьиэ кэргэн ааттара-суоллара, саастара, олорор нэһиэлэктэрэ, оҕолор үөрэнэр оскуолалара, кылаастара толору ыйыллар уонна биир конт.нүөмэр (ватсапка бөлөх арыллар)
Холобур: Ивановтар Үөһээ Бүлүү нэһ., Петр Андреевич – аҕа, Надежда Ивановна – ийэ, Лидия Николаевна – эбээ, Андрей 8 саастаах, П.Н.Тобуруокап аат. Нам орто оскуолатын 2 кыл., Надя 17 саастаах, М.А.Алексеев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интернат, 11 кыл. 8914***
Күрэх ыйытыктара уонна ыйдааҕы түмүк сыл устата Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатын сайтыгар тиһигин быспакка ый аайы тахсар. Ахсынньы ыйга уопсай түмүк биллэриллэр.
Оҕо библиотекатын сайта: db.vvlibr.ru
Күндү ааҕааччыларбыт! Ийэ тылбытынан ааҕан, төрөөбүт тылбыт баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин төгүрүк сылы быһа эппитигэр-хааммытыгар иҥэриэхпит, тылбыт саппааһын хаҥатыахпыт, элбэҕи билиэхпит-көрүөхпүт. Ылсыбыккытын ыһыктыбакка 12 ый бииргэ буолуохха!
Ааҕар киһи – билиилээх,
Билиилээх киһи – сайдыылаах,
Сайдыылаах киһи – ситиһиилээх!