Кулун тутар 16 күнүгэр, Саха литературатын төрүттээччи, поэт, фольклорист, этнограф, саха норуотун чулуу уола Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145сылын бэлиэтээтибит.
Быйылгы «2022 сыл үбүлөүйдээх Саха суруйааччылара» улахан викторинабыт үһүс түһүмэҕэр А.Е.Кулаковскай_Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕо, айар үлэтэ, айымньылара киирдилэр
?Хоруйдары 89142868081 (ватсап эрэ) нүөмэргэ Кулун тутар 31 күнүгэр диэри ыытаҕыт.
?Ыйдааҕы түмүк Муус устар 5 күнүгэр Инстаграм страницаҕа тахсар. @detlib.vervil
? Төрдүс викторина Муус устар 10 күнүгэр оҕо библиотекатын сайтыгар бэчээттэниэ.
Бу сигэни баттаа — А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй
Кыттааччы анкетата:
- Кыттааччы толору аата
- Туолбут сааһа
- Олорор нэһилиэгэ, улууһа
- Телефон