МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Сэтинньи 13 күнүгэр саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, суруналыыс, тылбаасчыт, драматург, поэт, бөлүһүөк А.И.Софронов- Алампа 140 сылын көрсө Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо спортивнай оскуолата “Ыллыым ээ, ыллыым…” литературнай- музыкальнай түһүлгэни тэрийэн ыыттылар. Суруйааччы эриирдээх- мускуурдаах ыарахан олоҕун, санаатын- оноотун, инникигэ эрэлин хомоҕой хоһооннноругар тиспитин үрдүкү кылаас уолаттара (сал. Силигиянова М.С.) олус бэркэ, истээччини долгутардыы аахтылар.

Суруйааччы Алампа : “Кэлэр көлүөнэ мин айымньыларбын ааҕыа дуо? Кэнэҕэски ыччакка тиийиэ дуо?” диэн санааргыыра.

Дьэ, бу билиҥҥи 21 үйэҕэ Улуу Алампа хаалларбыт баай нэһилиэстибэтэ сыаната суох күндү буолар. Саха эдэр көлүөнэтэ кини хоһооннорун доргуччу ис сүрэхтэриттэн аахпыттарыттан киһи эрэ үөрэр, долгуйар. Алампа айымньыларын өссө да ааҕыахтара, үөрэтиэхтэрэ турдаҕа.