МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Бараахап аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 №-дээх орто оскуолаҕа «Ааҕыы абылаҥа» бырайыак саҕаланна

Алтынньы ыйыттан ыла Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 №-дээх орто оскуолаҕа оҕо библиотекатын «Ааҕыы абылаҥа» диэн бырайыага үлэтин саҕалаата. Бу бырайыак 1 «а» (Сантаева Н.Т.), 1 «в» (Васильева Н.М.), 4 «а» (Семенова Л.П.), 4 «б» (Евсеева А.В.) кылаас үөрэнээччилэрин кытта ыытыллар.

Бастакы библиоурок улуу саха суруйааччыта Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон 120 үбүлүөйдээх сылын көрсө суруйааччы оҕо сааһыгар ананна. Оҕолор «Доҕордуулар» уонна «Сымыйалыан – бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоҥ» диэн кэпсээннэрин иһиттилэр.

Бу кэпсээннэр оҕолорго доҕордоһуу уонна сымыйа туһунан өйдөбүллэри биэрэллэр. Үөрэнээччилэр ааҕыы кэнниттэн санааларын үллэһиннилэр, сюжеты ырыттылар уонна геройдар быһыыларын сыаналаатылар.

“Бирээнньик толооҥҥо үүммүтэ” кэпсээнин маҥнайгы кылаас оҕолоро бэрт сэҥээрэн иһиттилэр.

Алтынньы 20 күнүгэр төрдүс “а” уонна “б” кылаас оҕолоругар Суорун Омоллоон «Дьол чорооно» остуоруйатын кэпсээтибит. Бу айымньы саха оҕолорун үтүөҕэ, кырдьыкка уонна дьолго итэҕэйэргэ иитэр сүрүн остуоруйалартан биирдэстэрэ. «Дьол чорооно» — Чурумчуку диэн чороон ууһа, ыраахтааҕы уонна кини надьарааллара кыттыылаах остуоруйа. Сүрүн геройа Чурумчуку олоҕор элбэх ыараханы көрсөр, ол эрээри дьолун, кырдьыгын көмүскүүргэ бэлэм буолар. Остуоруйаҕа дьол чорооно — саха норуотун итэҕэлин, үтүө санааны, кырдьыгы көмүскүүр символа буолар.

Онтон маҥнайгы кылаас оҕолоругар Суорун Омоллоон “Бирээнньик толооҥҥо үүммүтэ” кэпсээнин иһитиннэрдибит. Кырачааннар олус сэҥээрдилэр, бирээнньик, килиэп, булка уонна да атын бурдук аһа хантан кэлэрин, төһө элбэх үлэ барарын биллилэр.

«Ааҕыы абылаҥа» бырайыак оҕолорго кинигэни таптыырга, ааҕыы үгэһин сайыннарыыга уонна саха литературатын кытта билиһиннэриигэ көмөлөһөр. Библиоуроктар салгыы ыытыллыахтара.