Сыл ахсын алтынньы 5 күнүгэр Учуутал күнэ бэлиэтэнэр. Учуутал аан дойдутааҕы күнүн ЮНЕСКО 1994 сыллаахха олохтообут. Онтон ыла бу күнү 100-тэн тахса судаарыстыба сыллата бэлиэтиир. Сэбиэскэй Сойууска Учуутал күнэ — 1965 сылтан 1993 сылга дылы- алтынньы маҥнайгы өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр этэ. 1994 сылтан арассыыйаҕа учуутал Күнүн алтынньы 5 күнүгэр бэлиэтиир буолбуттара. Бу күн учуутал уопсастыбаҕа балаһыанньатыгар, кини үөрэххэ, сайдыыга оруолугар болҕомто тардаары олохтоммут.
Киэҥ нэлэмэн Саха сиригэр биллэр Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, айар куттаах, саха тылын сүмэтин, эгэлгэтин, кэрэтин илдьэ сылдьан, кэлэр көлүөнэни, оҕо-ыччаты үөрэппит, ииппит-такайбыт дьоһун айымньылардаах учуутал суруйааччылар аҕыйаҕа суохтар. Кинилэр оҕолору кылааска үөрэтэллэрин таһынан, дьоһуннаах айымньыларынан үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйаллар, төрөөбүт тылга тапталы иҥэрэллэр.