Быйыл Д.С.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүү улуустааҕы гимназия аактабай саалатыгар оҕо библиотеката уонна улуус оскуолаларын библиотекардара түмсэн, Россия үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, өр сылларга улуустааҕы үөрэх салалтатыгар библиотекарынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит Лазарева Мария Ильинична сырдык аатыгар уонна ааҕыыны көҕүлүүр сыалтан “Читающая семья. Читающие дети” бырайыак чэрчитинэн кулун тутар 27 күнүгэр “Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн” диэн улууска иккис төгүлүн күрэх ыытылынна. Улуустан барыта тоҕус дьиэ кэргэн кыттыыны ылла:
- Степановтар (М.А.Андреев аат. Республиканскай лицей) ийэ Оксана Викторовна, Симона 7 кыл., Семен СУНЦ студена.
- Николаевтар (Н.Г.Золотарев-Николай Якутскай аат. Харбалаах орто оскуола) ийэ Алена Юрьевна, Лина 8 кыл., саҥастара Саргылана Ильинична
- Тимофеевтар (И.Н.Бараахап аат.Үөһээ Бүлүүтээҕи 1№-х орто оскуола) аҕа Тимофей Тимофеевич, ийэ Роза Александровна, Арсен 7 кыл.
- Ивановтар (Ю.Н.Прокопьев аат.Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай оскуола) ийэ Мария Сергеевна, Витя 6 кыл., эбээ Евдокия Васильевна
- Спиридоновтар (П.Н.Тобуруокап аат.Нам орто оскуола) ийэ Саргылана Сергеевна, Нарыйаана 7 кыл., эбээ Прасковья Петровна
- Семеновтар (Д.С.Спиридонов аат.Үөһээ Бүлүү улуустааҕы гимназия) аҕа Владимир Иванович, ийэ Галина Васильевна, Күннэй 7 кыл.
- Терентьевтар (Тамалакан орто оскуола) аҕа Афанасий Георгиевич, ийэ Варвара Андреевна, Андрей 7 кыл.
- Семеновтар (М.Т.Егоров аат.Үөһээ Бүлүүтээҕи 2№-х орто оскуола) ийэ Валентина Анатольевна, Тамара 9 кыл., Коля 11 кыл.
- Петровтар (Н.К.Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап аат.Кэнтик орто оскуола) ийэ Евдокия Петровна, Айыына 5 кыл., Сардаана 6 кыл.
Хамаандалар бары күүстээх тургутууну аастылар, ол курдук:
- Бэйэни билиһиннэрии
- Сомоҕо домоҕу быһаарыы. Бу түһүмэҕи Үөһээ Бүлүү улуһун типографията бэлэмнээн ыытта.
- Бэйэ оонньуу (нуучча, саха литературатыттан ыйытыктар)
- Хоһоон тылбааһа (нууччаттан сахалыы)
- Өс хоһооннору таайыы
Күрэх түмүгүнэн Үһүс миэстэҕэ Н.Г.Золотарев-Николай Якутскай аат. Харбалаах орто оскуола аатыттан Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ ылан 5 000 солк.
Иккис бириистээх миэстэҕэ П.Н.Тобуруокап аат.Нам орто оскуола аатыттан Спиридоновтар дьиэ кэргэттэрэ тиксэн 5 000 солк. ,
Кыайыылаах аатын Д.С.Спиридонов аат.Үөһээ Бүлүү улуустааҕы гимназияттан Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар уонна Лазаревтар дьиэ кэргэттэрэ туруорбут 10 000 солк. уу харчынан ылан кыайыы өрөгөйүн биллилэр.
Кыттыыны ылбыт хамаандалар бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах, үөрэн-көтөн, астынан-дуоһуйан тарҕастылар.









