Кулун тутар 20 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатыгар “Тобул-2026” улуустааҕы литературнай күрэх буолан ааста. Бу күрэх 2019 сылтан тиһигин быспакка сылын аайы буолар. Күрэх сыалынан-соругунан эдэр көлүөнэни саха литературатын эйгэтигэр угуйуу, өбүгэлэрбит төрүт үгэстэригэр иитии, төрөөбүт ийэ тылга тапталы иҥэрии буолар. Бу сыллар тухары элбэх оҕо бу күрэххэ кыттан-кынаттанан, саҥаны билэн, сайдан, төрүт культураны, литератураны ааҕан, үөрэтэн, өйүгэр-санаатыгар иҥэринэн аастаҕа.
Быйылгы күрэххэ улуус тоҕус оскуолата кыттыыны ылла. Хас биирдии оскуола түөртүү киһилээх хамаанда туруорда. Хамаандалар түөрт түһүмэҕи аастылар. Ол курдук 1 түһүмэх- Тылдьыт (нууччаттан сахалыы тылбаас); 2 түһүмэх- Саха литературатыттан “Бэйэ оонньуута”интерактивнай викторина (саха суруйааччылара, сахалыы айымньылар); 3 түһүмэх- Фольклор (олоҥхо, өбүгэлэрбит олохторо-дьаһахтара, таабырын, өс хоһооно); 4 түһүмэх- Тылбаас (нуучча оҕо суруйааччыларын айымньыларын тылбаастааһын). Бары түһүмэҕи үрдүк бааллаах ааһа
1 миэстэни Д.С.Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи улуустааҕы гимназия (салайааччы Александрова Р.В.)
2 миэстэни М.А.Алексеев аатынан Республикатааҕы лицей-интернат (салайааччы Иванова М.В.) хамаандалара ыллылар.
3 миэстэ аҕыйах баалынан хаалан, С.Руфов аатынан Тамалакааннааҕы орто оскуола (Трофимова А.В.) буолла.
Бары кыттыбыт хамаандалар туоһу сурук, кыайыылаахтар добун сурук туттулар. Бастаабыт хамаанда эһиилгэ дылы көһө сылдьар “Хрустальная сова ” хаһаайына буолла. Бу курдук Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката сылын аайы ыытар “Тобул” литературнай күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Кыттыбыт хамаандаларга, кинилэри бэлэмнээбит салайааччыларга оҕо библиотекатын аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Төрөөбүт тылбытынан саҥаран, кэпсэтэн, үөрэнэн тобуллаҕас толкуйданыахха, кини кэрэтин, эгэлгэтин туһанан тылбытын байытыахха, өбүгэлэрбит төрүт үгэстэрин умнумуохха, сахалыы элбэхтик ааҕыахха!!!








