II-төгүлүн Үөһээ Бүлүү улууһугар “БАСХАН- 2006 ” уһуйаан оҕолоругар ыытылынна.
Бүгүн, Олунньу 26 күнүгэр Н.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатыгар уол оҕону дойдутугар бэриниилээх, төрөөбүт төрүт тылын, култууратын ытыктыырга бэрт кыра сааһыттан үөрэтиэхтээхпит диэн сыалтан II- төгүлүг улууспутугар
“БАСХАН- 2006 ” уһуйаан оҕолоругар ыытылынна. Үөһээ Бүлүүтээҕи “Тускул” оҕо киинин “Сомоҕо” оҕо хамсааһына уонна “Оҕо саас сирдьиттэрэ” федеральнай бырайыак, И.Н.Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын музейа тэрийиилэринэн «ОРЛЯТА ДОШКОЛЯТА» саҥа олоххо киирбит бырагырааммаҕа олоҕуран “Орленок Лидер” хайысхатынан ыытыллар.
Ханнык баҕара уол оҕо кыра сааһыттан сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сайдыахтаах, төрөөбүт дойдуга үтүө сыһыаҥҥа, тапталга, сахалыы тылга уһуйуллан иитиллиэхтээх диэн сыаллаах соруктаах ыытабыт.
Быйылгы уһуйаан оҕолоругар II–төгүлүн ыытыллар “БАСХАН” улуустааҕы күрэххэ барыта 9 уол оҕо кытынна.
Билигин оскуола оҕолоругар «БАСХАН” күрэх өрөспүүбүлүкэҕэ улуустарынан ыытыллан киэҥ сэҥээриини ыла сылдьар. Онтон биһиги улууска оскуола иннинээҕи оҕолорго инникигэ кэскили, эрэли саҕар киэҥ ис хоһоонноох түһүмэхтэрдээх, суолталаах ыытыллыбыта кэрэхсэбиллээх. Хас биирдии уол оҕону кытта үлэлэстэхпитинэ эрэ сахабыт тыла-өһө, культурата сүппэт, симэлийбэт кутталланыаҕа.
Күрэх 4 түһүмэҕинэн ыытылынна.
I. «Удьуор утума» – кыттааччы төрдүн –ууһун билиһиннэрии.
II. «УҺУЙУЛЛУУ»- хас биирдии кыттааччы туохха уһуйулларын, дьоҕурдарын, сатабылларын көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр.
III. Тииҥ мэйии» чыпчылҕан (блиц-) –ыйытыыларга хоруй (уопсай билиигэ өйү тургутан көрүү).
IV. “ОСТУОРУЙАҺЫТ”- билэр остуоруйатын остуоруйалааһын.
Күрэх түмүгүһэн кыайыылаахтар таҕыстылар.
КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ – Чыбыков Радомир 4-дээх “Сардаана” уһуйаан иитиллээччитэ ( салайааччы Кашлакова Аграфена Владимировна)
I ҮРДЭЛ- Спиридонов Альберт “Сайыына” уһуйаан Кентик ( салайааччы Габышева Анна Павловна)
II ҮРДЭЛ – Семенов Савелий #8-дээх “Аленушка” уһуйаан (Салайааччы Варварикова Светлана Викторовна, Федорова Туйаара Валерьевна)
III ҮРДЭЛ – Романятов Мирослав “Кустук” уһуйаан Дүллүкү ( салайааччы Иванова Наталья Аркадьевна)
АНАЛ ААТТАР
“Дьоҕурдаах БАСХАН” – Дегтярев Арчылаан #5-дээх “Кэнчээри” уһуйаан
“Кэскиллээх БАСХАН”– Игнатьев Алексей #6-дээх “Солнышко” уһуйаан
“Удьуор утум БАСХАН” – Согдоев Сахамин “Радуга” уһуйаан Боотулу
“Бөҕө тирэхтээх БАСХАН” -Васильев Ньургун #3-дээх «Үрүйэчээн”
“Талааннаах БАСХАН” -Пестряков Дьулусхан “Кэнчээри” уһуйаан Нам

