МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Күндү ааҕааччыларбыт, викторина кыттыылаахтара!
Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката сылы быһа ыытар “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” күрэх тохсунньу ыйдааҕы түһүмэҕинэн CP үөрэҕириитин туйгуна, РФ,  СР Суруналыыстарын  coйууһун  чилиэнэ Шамаева Октябрина Михайловна-Чэлгийэ “Балыллыы” кэпсээнэ буолла.

Хоруйдары тохсунньу 31 күнүгэр диэри 89141103234 (ватсап) ыытаҕыт. Ыйдааҕы түмүк олунньу 3 күнүгэр, онтон саҥа тургутук олунньу 10 күнүгэр оҕо библиотекатын сайтыгар тахсыахтара.

1 тургутук: “Балыллыы” Октябрина Шамаева-Чэлгийэ

Шамаева Октябрина Михайловна — Чэгийэ
Балыллыы: кэпсээннэр.
Сымыйанан балыйыы, улахан киhи, буолаары буолан учуутал, о5о5о сыыhа быhыыламмыта улаатан эрэр о5о5о хайдах дьайбыта, албын до5одоhуу куhа5анна тэбиитэ — хомуурунньук сурун ис хоhооно. Оскуола орто, урдуку саастаах о5олоругар уонна улахан дьонно, тороппуттэргэ ананар

Күрэххэ олорор сириттэн тутулуга суох ханнык  баҕарар дьиэ кэргэн (оҕолоро үөрэнэр да, үлэһит да буолуохтарын  сөп), эбээлэр, эһээлэр да кыттыахтарын сеп. Күрэххэ кыттар дьиэ кэргэн ааттара-суоллара, саастара, олорор нэһиэлэктэрэ, оҕолор үөрэнэр оскуолалара, кылаастара толору ыйыллар уонна биир конт.нүөмэр (ватсапка бөлөх арыллар)

Холобур: Ивановтар Үөһээ Бүлүү нэһ., Петр Андреевич – аҕа, Надежда Ивановна – ийэ, Лидия Николаевна – эбээ, Андрей 8 саастаах, П.Н.Тобуруокап аат. Нам орто оскуолатын 2 кыл., Надя 17 саастаах, М.А.Алексеев аат. Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интернат, 11 кыл. 8914***

Күрэх ыйытыктара уонна ыйдааҕы түмүк сыл устата Үөһээ Бүлүүтээҕи  оҕо библиотекатын сайтыгар тиһигин быспакка ый аайы тахсар. Ахсынньы ыйга уопсай түмүк биллэриллэр.

Оҕо библиотекатын сайта: db.vvlibr.ru   

Күндү ааҕааччыларбыт! Ийэ тылбытынан  ааҕан, төрөөбүт тылбыт баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин төгүрүк сылы быһа эппитигэр-хааммытыгар иҥэриэхпит, тылбыт саппааһын хаҥатыахпыт, элбэҕи билиэхпит-көрүөхпүт. Ылсыбыккытын ыһыктыбакка 12 ый бииргэ буолуохха!

Ааҕар киһи – билиилээх,
Билиилээх киһи – сайдыылаах,
Сайдыылаах киһи – ситиһиилээх!