МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

“Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха”  күрэх 2025 сыллааҕы түмүгэ таҕыста                                                                                                                                                             

Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката 2023 сылтан куйаар ситимин нөҥүө төгүрүк сылы быһа “Сахалыы ааҕыахха”  диэн күрэҕи  ыытан,  ааҕааччы киэҥ араҥата кыттыыны ылан, дьон сэҥээриитин ылбыта.  Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.В.Путин ыйааҕынан 2024 сыл дьиэ кэргэн сылынан биллэриллэн, күрэхпит “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” диэн буолбута.     

2025 сылга  тохсунньу ыйтан  күрэх салгыы үлэлээбитэ. Араас улуустан, нэһилиэктэн барыта 42 дьиэ кэргэн кыттан саҕалаабыта. Сайыҥҥы ыйдарга дьон оттуурун, кэлэрин-барарын учуоттаан, балаҕан ыйыгар дылы сынньаныы буолта. Онон тоҕус ыйы быһа ийэ тылынан  ааҕан, элбэҕи билэн-көрөн, кыайыыга дьулуурдаах  32 дьиэ кэргэн түмүк биэтэккэ тиийдэ.

Күрэх ыйытыктара уонна ыйдааҕы түмүк тоҕус ый  устата Үөһээ Бүлүүтээҕи  оҕо библиотекатын сайтыгар тиһигин быспакка  тахсыбыта. Түмүккэ саамай ааҕар, кыайыыга дьулуурдаах дьиэ кэргэттэр билиннилэр.

1 миэстэ

  • Аввакумовтар (Нам, Үөһээ Бүлүү)
  • Васильевтар (Күндээдэ, Ньурба улууһа),
  • Васильевтар (Үөһээ Бүлүү),
  • Егоровтар (Нам, Үөһээ Бүлүү),
  • Ивановтар (Үөдүгэй, Үөһээ Бүлүү),
  • Кисиляховтар (Нам, Үөһээ Бүлүү),
  • Николаевтар (Лина, Харбалаах, Үөһээ Бүлүү),
  • Николаевтар (Виолетта, Харбалаах, Үөһээ Бүлүү),
  • Степановтар (Үөһээ Бүлүү),
  • Тойтоновтар (Нам, Үөһээ Бүлүү),
  • Яковлевтар (Хаты, Ньурба)

2 миэстэ

  • Васильевтар (Нам, Үөһээ Бүлүү),
  • Ивановтар (Далыр, Үөһээ Бүлүү),
  • Семеновтар (Үөһээ Бүлүү),
  • Поповтар (Нам, Үөһээ Бүлүү),
  • Лаврентьевтар (Нам, үөһээ Бүлүү)

3 миэстэ

  • Огочоновтар (Үөһээ Бүлүү),
  • Прокопьевтар (Далыр, үөһээ Бүлүү),
  • Степановтар (Нам, Үөһээ Бүлүү),
  • Обоевтар (Нам, Үөһээ Бүлүү улууһа),
  • Ивановтар (Кэнтик, Үөһээ Бүлүү).

Кыттыы иһин туоһу суруктар:

  • Андреевтар (Үөһээ Бүлүү)
  • Бугуловтар, Үөһээ Бүлүү)
  • Брызгаловтар (Далыр, Үөһээ Бүлүү улууһа)
  • Даниловтар (Далыр, Үөһээ Бүлүү улууһа)
  • Карташовтар (Үөһээ Бүлүү)
  • Копыловтар (Үөдүгэй, Үөһээ Бүлүү улууһа)
  • Васильевтар (Хаты, Ньурба улууһа)
  • Овчинниковтар (Үөһээ Бүлүү)
  • Сабаровтар (Далыр, Үөһээ Бүлүү улууһа)
  • Семеновтар (Далыр, Үөһээ Бүлүү улууһа)
  • Софроновтар (Далыр, Үөһээ Бүлүү улууһа)

Ордук көхтөөтүк Нам, Далыр, Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин дьиэ кэргэттэрэ кытыннылар. Үксүлэрэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр буолаллар. Ньурба улууһун Мэҥэдьэк нэһилиэгиттэн Васильевтар уонна Яковлевтар хаһыс да сылларын кытталлар.  

Бары кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ уонна күндү салайааччыларбытыгар Петрова Мария Гаврильевнаҕа (Нам), Семенова Надежда Николаевнаҕа (Далыр) оҕо библиотекатын аатыттан муҥура суох махталбытын тиэрдэбит.

Ахсынньы 25 күнүттэн Грамоталары, сертификаттары, бириистэри Үөһээ Бүлүү бөһ. Исидор Бараахап аатынан уулусса 18 дьиэтиттэн оҕо библиотекатыттан ыларгытын иһитиннэрэбит.

Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката 2026 сылга “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” күрэх салгыы үлэлиирин биллэрэр. Биһиги сайтпытыгар киириҥ.

Күндү ааҕааччыларбыт! Ийэ тылбытынан  ааҕан, төрөөбүт тылбыт баайын, этигэн кэрэтин, эгэлгэтин сылы быһа эппитигэр-хааммытыгар иҥэриэхпит, тылбыт саппааһын хаҥатыахпыт, элбэҕи билиэхпит-көрүөхпүт. Ылсыбыккытын ыһыктыбакка сылы быһа бииргэ буолуохха!

Ааҕар киһи-билиилээх,

Билиилээх киһи-сайдыылаах,

Сайдыылаах киһи-ситиһиилээх!

        Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” күрэх   туһунан

         Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” күрэҕэр үһүс сылбытын кытынныбыт. Кылааспытыттан тоҕус дьиэ кэргэн кытынна, ол иһигэр үс элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн. Ый аайы оҕолорго сөптөөх, интэриэһинэй айымньылары ыыталлар. Айымньыны ааҕан баран, тургутукка хоруйдуур буоланнар, айымньыны сатаан ырытарга үөрэннилэр. Тургутук боппуруостара олус интэриэһинэйдэр, элбэх сомоҕо домохтору, өс хоһооннорун, синонимнары, антонимнары биллилэр. Тылларын баайа сайдарыгар ый аайы тургутук боппуруостара уларыйан иһэр. Быйылгы күрэх уратыта диэн, тургутук бүтэһигэр айымньы туһунан бэйэлэрин санааларын суруйуулара буолла. Күрэҕи иилээн-саҕалаан тэрийэн ыытар Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатын коллективыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну, өссө даҕаны айымньылаах үлэҕит сайда турарыгар баҕарабыт.

Далыр орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала Семенова Н.Н.

                                                                Ийэ тылбытынан аахтыбыт

     Билиҥҥи кэмҥэ оҕону хайдах аахтаран, ааҕыы ураныгар уһуйан, ааҕар оҕону иитэн таһаарыы хас биирдии төрөппүтү долгутар диэтэхпинэ сыыспаппыт буолуо. Биһиги Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката ыытар “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха ” бырайыак үлэтин  туһунан олохтоох библиотекарбытыттан Матрена Гаврильевнаттан истибиппит. Бу кэмҥэ кыыспыт Нюргуяна “Сыл бастыҥ ааҕааччытын” аатын ылбыт кэмэ этэ. Ол кэмтэн ыла алта оҕобутунаан сыл устата ыытыллар ааҕыы ураныгар киирэн, иккис сылын биэс оҕобутунаан дьиэ кэргэнинэн аахтыбыт, билиибитин эбиннибит. Биэрэр кэпсээннэрэ оҕоҕо дьүөрэлээх буолан табыгастаах. Аны айымньыны ханна да көрдөөбөккүн, иллэҥ буоллуҥ да ааҕаргар табыгастаах айымньыҥ тиэксэ баар буолан, ханна баҕарар сылдьан ааҕыаххын сөп. Биэрэр ыйытыктара оҕо эппиэттииригэр сөптөөх. Тылы кытта үлэ баар буолан үгүс тылы, сомоҕо домоҕу биллибит. Былырыын бириистээх миэстэҕэ тиксэн бары үөрбүппүт. Быйыл төһө да иллэҥэ суох буолларбыт, ааҕыыбытын ыһыктыбакка түмүк биэтэгэр тиийбиппититтэн үөрдүбүт.

Сахалыы ааҕыыны көҕүлүүр Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатын үлэһиттэригэр барҕа махтал! Үлэҕит өссө таһаарыылаах буоллун, үгүс элбэх ааҕааччы үмүөрүһэ муһуннун!

                                       Ирина Ивановна, Алексей Сергеевич Васильевтар. Ньурба, Хаты
Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотеката “Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааҕыахха” күрэҕи үһүс төгүлүн ыытар. Күрэх сыл устатын тухары ыытыллар, онон хаһан баҕарар кыттыһыахха сөп. Мин аан маҥнай алҕас куйаар ситимигэр киирэн көрбүтүм, күрэх ортотуттан кыттыспытым (сыллааҕы сорудаҕы барытын толорон ыыппытым). Бу иннинэ саха суруйааччыларын айымньыларын элбэхтэ аахпат этим, ордук нуучча уонна омук суруйааччыларын интэриэһиргээн ааҕарым.

   Бу күрэх дьиэ кэргэни сомоҕолуур, ийэ тылбытынан ааҕан тылбытын байытабыт, элбэҕи билэбит-көрөбүт. Сыл түмүгүнэн кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ араас номинациялары аныыллар. “2022 сыл үбүлүөйдээх Саха сирин суруйааччылара” викторинаҕа 2 үрдэл, 2023 сыл түмүгүнэн “Дьулуурдаах ааҕааччы” буолан Добун сурук, бириис тутан үөрбүппүт.

   Библиотека үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Баҕарабыт чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, таһаарыылаах, айымньылаах үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥитигэр иллээх-эйэлээх олоҕу, дьолу-соргуну!

                                    Ньурбаттан Васильевтар дьиэ кэргэттэрэ

Биһиги аадырыспыт: Үөһээ Бүлүү с., ул.Барахова, 18.

Библиотека үлэлиир кэмэ: 10.00 – 18.00 (эбиэтэ суох)