МКУ «ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ  МЕЖПОСЕЛЕНЧЕСКАЯ ЦЕНТРАЛИЗОВАННАЯ БИБЛИОТЕЧНАЯ СИСТЕМА»

Олоҥхо – өбүгэбит кэриэс бэлэҕэ, тулхадыйбат модун санаабыт тирэҕэ, саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала. 2005 сыллаахха уһулуччу суолталаах түгэн буолан ааспыта. Ити сыл саха норуотун култууратын, наукатын, историятын биир улахан ситиһиитинэн биһиги эпоспыт — олоҥхо Аан дойдутааҕы ЮНЕСКО тэрилтэтин саамай үрдүк билиниитин ылбыта. Ол курдук, саха норуотун героическай эпоһа — олоҥхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэлэрин чулуу айымньыларын испииһэгэр киирбитэ.

Бу кинигэни туһанан тургутук хоруйдарын булуохха сөп

Кинигэҕэ олоҥхо ойуулуур–дьүһүннүүр баай, этигэн тыла-өһө оҕолорго анаанн олук хоһооннорунан бэриллибит.

Олоҥхо тыла-өһө: Кыра саастаах оскуола оҕолоругар. / Хомуйан оҥордо Е.П.Чехордуна. И.И.Попов, В.Ф.Ноева ойуулара. – Дьокуускай: Бичик, 1999. – 96 с.

Олоҥхо декадатыгар аналлаах тургутук бэлэмнээтибит. Олоҥхо   уус-уран, баай, этигэн  тылын-өһүн быһаар, күннээҕи олоххор туһан, оччоҕо кэрэтик саҥарарга, мындырдаан толкуйдуурга, олоҥхо тылын өйдүүргэ үөрэниэҥ.

Тургутук “Олоҥхо тыла-өһө”